Эстрада тыйаатыра «Алыптаах таҥас» мюзиклынан Арассыыйа көрөөччүтүн абылаата
Ю.Е. Платонов аатынан Эстрада судаарыстыбаннай тыйаатыра тохсунньу бүтүүтэ “Алыптаах таҥас” диэн сахалыы тылынан мюзиклынан “Выходные мюзикла” диэн улахан бырайыакка кытынна.
Бырайыагы «Musical Universe», «ГИТИС» уонна «Москонцерт» холбоһуктаах күүстэринэн тэрийдилэр. Адьас соторутааҕыта биллибитинэн, Саха сирин артыыстарын туруоруута көрөөччүлэргэ эрэ буолбакка, Арассыыйа тыйаатырдарын уопсастыбатыгар сөҕүмэр ситиһиилэннэ. Мюзикл курдук уустук уонна чаҕылхай жанры таптааччыларга Эстрада тыйаатыра улахан арыйыынан буолла.
Саха сирин Эстрадатын тыйаатырын салайаачч, Рэй Брэдбери кэпсээнинэн “Алыптаах таҥас” мюзикл туруорааччы-режиссера Татьяна Чаранская маннык кэпсээтэ:
— 2015 сыллаахха Тыйаатыр уопсай сэбиэтигэр тыйаатыр “дьүһүнүн-бодотун” таһыччы уларытара быһаарбыппыт уонна ол уларыйыылары репертуарга мусукаалынай испэктээктэри киллэрииттэн саҕалаабыппыт. Рэй Брэдбэри айар үлэтин үөрэтэр санаа кэлин мюзикл инсценировкатын уонна ырыаларын тиэксин ааптарынан буолбут Ангелла Поповаҕа киирбитэ. Биһиги «Чудесный костюм цвета сливочного мороженого» кэпсээнтэн олус долгуйбуппут. Дьадаҥы олохтон быыһаныахтарын баҕарар Мексика боростуой уолаттарын устуоруйата, кинилэр сыалларын-соруктарын толорор туһугар алта киһиэхэ биир көстүүмү атыыласпыттарын туһунан кэпсэнэр. Бу устуоруйаҕа ханнык да дьиктини итэҕэйии эбэтэр дууһаны эрэйдиир дыраама суох. Ол гынан баран, мин дууһабын кэпсэнэр устуоруйа олоххо баарынан, ырааһынан, көрүнэн-күлүүтүнэн, дьоруойдарынан кэрэхсэппитэ. Ааҕа олорон хас биирдиилэрин туһугар ыалдьаҕын. Бу барыта хайдах сыанаҕа туруоруллуон сөбүн харахпар оҥорон көрбүтүм.
“Алыптаах таҥаһы” мюзикл жанрын каноннарынан туруорбуппут. Мюзиклы туруорарга айар дьон бүтүн хамаандата үлэлээбитэ. Сценарийын уонна ырыалар тиэкистэрин Ангелла Попова суруйбута, либреттоны биһиги эдэр талааннаах композиторбыт Егор Ефимов суруйбута.
“Алыптаах таҥас” мюзиклы 2015-16 сылларга Саха академическай тыйаатырын сыанатыгар оонньообуппут. 2019 сыллаахха Эстрада тыйаатыра бэйэтэ оонньуур былаһааккаламмытын кэннэ камернай сыанаҕа сөп түбэһиннэрбиппит уонна сөргүтэн туруорбуппут. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин култууратын олоҕор улахан тыас-уус тахсыбатаҕа диэххэ сөп. Арааһа, биһиги көрөөччүбүт маннык жанрга өссө бэлэмэ суоҕа.
Онон “Алыптаах таҥас” биэс сыл устата долбуурга ууруллан баран, 2024 сыл тохсунньутугар көрөөччүгэ таҕыста. Бу сыл тохсунньутугар мин уоппускам кэмигэр Москваҕа «Выходные мюзикла» Бүтүн Арассыыйатааҕы бастакы бырайыак тэрийээччилэрэ Леонид Лавановскайы уонна Иван Межевикины кытары билсибитим.
«Выходные мюзикла» – мюзикл дьиҥнээх бэстибээлэ. Икки күннээх улахан бырааһынньыкка биир сыанаҕа мюзикл аарымалара, артыыстара мустубуттара. Бэстибээли Михаил Швыдкой арыйбыта. Онтон аан дойдуга биллэр «Ромео и Джульетта», «Чикаго», «Мамма Mia», «Aladdin», «Три мушкетера», «Капитанская дочка» курдук туруоруулары көрөн олус долгуйбуппут.
Биһиги долгуйарбыт оруннаах этэ. Бастатан туран, биһиги национальнай өрөспүүбүлүкэлэртэн соҕотох этибит. Иккиһинэн, мюзиклга аналлаах декорациябыт суоҕа, сыанаҕа 3 эрэ артыыс оонньообута. Көстүүмнэрбит да дьоруойдарбытыгар сөп түбэһэн боростуойдар этэ. Артыыстарбыт Людмила Грязнухина-Люси, Михаил Рожин уонна Долун Борисов, төһө да эдэрдэрин иһин, улахан буукубаттан суруллар таһымнаах артыыстар. Кинилэр олус үрдүк таһымҥа оонньоотулар, артыыс маастарыстыбатынан уонна вокалларынан атын улахан артыыстартан хаалсыбатылар. Биһиги “Алыптаах таҥаспытын” Арассыыйа көрөөччүтэ олус кэрэхсээтэ. Бэл ким эрэ: “Саха киинэтэ диэн баар, аныгы билигин саха мюзиклла диэн баар буолла”, — диэтэ. Кыбыстыбакка эттэххэ, көрөөччүлэр биһиги артыыстарбытыттан сөхтүлэр-махтайдылар, биһиги артыыстарбытыгар умсугутар күүс, харизма, күүс-уох, вокал баарын бэлиэтээтилэр.
Дьиҥэр, бырайыакка кыттарбытыгар олус кылгас кэм иһигэр бэлэмнэммиппит, тоҕо диэтэххэ, бэстибээлгэ кыттар былааммыт суоҕа. Ол гынан баран, тэрийээччилэр тырааныспар, олорор сир уонна ас-үөл ороскуотун барытын бэйэлэригэр ылбыттара. Биһиги төрөөбүт саха тылынан туруорар соругу ылынан, кылгас кэм иһигэр нууччалыыттан сахалыы тылбааһын тыйаатырбыт уус-уран салайааччыта Мария Герасимова тылбаастаабыта. Үлэлээбит хамаандаҕа улахан махталбын тириэрдэбин.
Бэстибээлгэ аан бастаан “Сүрүнэ – кыттыы” диэн санаалаах тиийбиппит, саха Эстрадатын тыйаатырын билиһиннэрэр, саха мюзиклла баарын биллэрэр баҕалаах эибит. Мин санаабар, ол сорукпутун толордубут. Бэстибээл иннинэ биһиги туспутунан ким да билбэт буоллаҕына, бэстибээл кэнниттэн интэриэһинэй туруоруулардаах, айар үлэҕэ сөҕүмэр быһаарыныылардаах, чаҕылхай талааннардаах Эстрада тыйаатыра баар эбит диэн биллилэр. Бродвейга, Великобритания Национальнай тыйаатырыгар туруоруулара көрдөрүллүбүт тыйаатыр режиссера, Арассыыйа норуодунай артыыһа Марк Григорьевич Розовскай санаатын олус сыаналыыбын. Кини биһиги тыйаатырбыт үлэтин олус кэрэхсээтэ уонна үрдүктүк сыаналаата. Ону таһынан биһиэхэ сүрүн түмүк – биллэн турар, быйыл Самара куоракка буолуохтаах “Музыкальное сердце театра” национальнай бэстибээлгэ уонна бириэмийэҕэ ыҥырыллыы. Бу – мусукаалынай тыйаатырдар эйгэлэригэр “Кыһыл көмүс” мааска кэриэтэ.
Онон, биһиги бэйэбитин Арассыыйа таһымыгар аан бастаан улаханнык биллэрэммит, тыйаатырбытынан уонна чаҕылхай талааннаах артыыстарбытынан киэн туттабын. Билигин бэйэбит устуоруйабытын кэпсиир саҥа мюзиклга күүскэ бэлэмнэнэн эрэбит. Ол эрээри, кистэлэҥҥэ тутуум. Барыта сатаннаҕына, бу сыл бүтүүтэ саҥа мюзиклы көрүөххүт.
Махталбытын «Musical Universe», «ГИТИС», «Москонцерт» курдук тэрийээччилэргэ, ураты махталбытын «Musical Universe» генеральнай дириэктэрэ Александр Александрович Ушаковка, “Выходные мюзикла” ситэриилээх продюсердарыгар Марии Черненкоҕа, Нине Зимаковаҕа, Валерия Мелиховаҕа уонна сүрүн хореограф Иван Межевикиҥҥа этэбит.
(Эстрада тыйаатырын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: