Өтөхсүйбүт тэлгэһэлэр, дьиэлэр
Нэһилиэк ахсын сууллан бүтэн эрэр күрүөлээх, самналлыбыт эргэ дьиэлэр хаһан эрэ дьон манна олорон ааспытын мэлдьэспиттии соҥуоруһан тураллар. Кимнээх бу олбуордарга, дьиэлэргэ олорон ааспыттарын дьон удумаҕалатыан эрэ сөп.
Оҥоспут түннүктэр, сууллубут күрүөлэр дьулаан көстүүлэрэ санааны баттыыр. Оттон саҥа ыал буолар эдэр дьон уһаайба сирэ суоҕун кыһалҕатыттан дэриэбинэ кытыытыгар олохсуйар. Көрүүтэ-харайыыта суох хаалбыт эргэ уһаайбалары эдэрдэргэ тоҕо биэрбэттэрий?
Иччитэхсийбит олбуордар, сууллубут күрүөлэр
Бэлиэтээн суруйдахха, үгүс дьиэлэр хаһаайыннаах буолаллар. Мин бэйэм төрөөбүт сэлиэнньэтигэр аҥаардас маннык уһаайба биэс-алта баарын көрөөччүбүн. Оҕо эрдэххэ бу олбуордарга дьиэлэр уоттара сандааран турар буолара. Олбуорга сыста хотон, дал, кыбыы. Үлэ-хамнас күөстүү оргуйара. Онтон кырдьаҕастар утуу-субуу олохтон баран истэхтэрин ахсын бастаан хотон сыбахтара түһэн, далга сүөһү турбат, кыбыыга от тиэйиллибэт буолара. Ити аата, күргүөмнээх олох эргиирэ тохтоон, кэлин үөлэс буруота умуллан, дьиэ барахсан устунан соҕотохсуйа хаалбыт үгүс түгэнин көрбүтүм. Кэлин олбуордар күрүөлэрэ сууллан бүтэн, ардахтан-хаартан хараарбыт дьиэлэр соҕотохсуйа соҥуоран хаалаллар. Ол эрээри, бу дьиэлэр бары хаһаайыннаахтар. Төрөппүттэр дьиэлэрэ нэһилиэстибэ быһыытынан оҕолоругар, сиэннэригэр хаалар. Киин сиргэ олохсуйбут дьон төрүт сири сөхсүтэргэ ыксаабаттар. Бу кинилэр эппиэтинэһэ суохтарыттан буолбатах, олох киин сиргэ эргийэриттэн, туохха да бириэмэ, үп-харчы тиийбэтиттэн эмиэ буолуон сөп.
Бары хаһаайыннаахтар дуо?
Көрүүтэ-харайыыта суох уһаайбалар, бастатан туран, нэһилиэк көстүүтүн буортулууллар. Ону таһынан, маннык дьиэлэргэ иһэр-аһыыр дьон, саастарын ситэ илик да оҕолор сайынын мусталлар. Табах уотуттан баһаар да тахсар. Араас буруй-сэмэ да оҥоһуллуон сөп. Оттон хас нэһилиэк ахсын ыал олбуора бэйэ-бэйэлэриттэн чугас, сыстыһа кэриэтэ тураллар. Онон баһаарынай өттүнэн олус сэрэхтээх диэн бэлиэтиэххэ наада. Аҕам саастаах төрөппүттэрэ олохтон бардахтарына, хаһан эрэ ньиргийэн олорбут олбуор, дьиэ-уот эмискэ өтөхсүйэр.
Оҕолоро киин сиргэ олохсуйан, дьиэ-уот тэринэн төрүт өтөхтөрүн умналлар. Ол түмүгэр нэһилиэк ахсын быраҕыллыбыт олбуордар, дьиэлэр ахсааннара элбиир. Бу кыһалҕа биһиэхэ эрэ буолбатах, бүтүн дойду үрдүнэн сытыытык турар. Сорохтор дьиэни нэһилиэстибэ быһыытынан ылан баран бэйэлэрин ааттарыгар көһөрө охсубаттар. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэстибэни оҥорторуу үгүс сыраны уонна үбү эрэйэр дьыала.
Бүлүү улууһун биир нэһилиэгэр тыраассаттан киирэр-тахсар сүрүн уулуссанан арыый иһирдьэ киирдэххэ, нэһилиэк хабайар-хаба ортотугар түннүктэрэ былыр үйэҕэ оҥоспут үрдүк дьиэ турбута ырааппыт. Бу нэһилиэк бэкээринэтэ суоҕа биллэр. Ол дьиэни бэкээринэ оҥороору гыналлар үһү да, хаһаайыннара адьас атыылаабаппыт дииллэр эбит. Аны туран, бэйэлэрэ Москваҕа дуу, Санкт-Петербурга дуу көһөн тиийэн олохсуйбуттара ырааппыт. Ситэри атыылаан кэбиһиэх да эбиттэр. Нэһилиэк тас көстүүтүн буортулаан харааран-боруоран турар дииллэр.
Быраҕыллыбыт дьиэлээх уһаайбаны ылыахха сөп дуо?
Нэһилиэктэргэ быраҕыллыбыт эргэ дьиэлээх уһаайбалар олус элбэхтэр. Маннык уһаайбаны бас билиигэ ылыахха сөп дуо? Бастатан туран, маннык уһаайба, дьиэ хаһаайына өлбүт да буоллаҕына, кини нэһилиэстибэ быһыытынан кимиэхэ эрэ хаалар. Онон, олбуор хаһаайыннааҕын, хаһаайына суоҕун кини учуокка турарынан дуу, турбатынан дуу кадастровай палаата эрэ нөҥүө билиэххэ сөп. Өскөтүн, хаһаайына кимэ биллэр буоллаҕына, сири, дьиэни атыылаһан ыларга арыый судургу буолар диэн юристар бэлиэтииллэр. Өскөтүн, быраҕыллыбыт дьиэ, уһаайба учуокка турар буоллаҕына, хаһаайынын булар судургу. Хаһаайынын буллуҥ даҕаны, атыы-эргиэн туһунан кэпсэтиэххэ сөп. Оттон ханна даҕаны учуокка турбатах, докумуона ситэтэ суох буоллаҕына, саҥа хаһаайын олохтоох дьаһалтаҕа икки сайабылыанньа биэрэн, бу сири бас билиигэ ылыан сөп. Бастакыта – уһаайбаны учуокка туруортарыы, иккиһэ – бас билиигэ көрдөөһүн. РФ Гражданскай кодексатын 234 ыст. көрүүтэ-истиитэ суох уһаайбаҕа, дьиэҕэ-уокка киһи оҥостон олоруон сөп. 15 сыл устата олорбутуҥ тухары ким да кэлэн дьиэни, уһаайбаны былдьаспатаҕына, саҥа хаһаайын сокуон хараҕынан уһаайбаны, дьиэни бас билиигэ оҥорторуон сөп. Ол эрээри, бу олорбут кэм устата саҥа хаһаайын дьиэ-уот төлөбүрүн барытын кэмигэр төлүөхтээх, иэһэ суох буолуохтаах. Ону таһынан, кини бу уһаайбаны ылбытын, онно баар дьиэҕэ олорорун кимтэн да кистиэ суохтаах. Дьаһалта, олохтоохтор бары билиэхтээхтэр. Ол гынан баран, хаһан баҕарар уһаайбаны, дьиэни нэһилиэстибэ быһыытынан ылбыт хаһаайын тиийэн кэлиэн сөп. Өскөтүн, урукку хаһаайын 15 сыл кэннэ тиийэн кэлэн нэһилиэстибэтин былдьаһар буоллаҕына, дьыала суут эрэ нөҥүө быһаарыллар. Онон юристар бэлиэтииллэринэн, уһун сыралаах эккирэтииһини, докумуону уонна үбү-харчыны ирдиир дьыала буолар.
Нэһилиэктэргэ хайдаҕый?
Александр Винокуров, Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин баһылыга:
– Биһиги нэһилиэкпитигэр дьон олорботоҕо ырааппыт олбуордаах дьиэлэр бааллар. Маннык көстүү үгүс нэһилиэктэргэ баара буолуо. Сорох олбуордаах дьиэлэр дьон бас билиитигэр сылдьаллар. Үгүстэр ити олбуордаах дьиэҕэ бырапыыскалаахтар. Сорохтор күрүөлээн-хаһаалаан сайынын кэлэн олорон, сайылаан бараллар. Оттон олох дьон олорботоҕо ырааппыт, күрүөтэ-хаһаата суох олбуордаах дьиэлэр тылынан, суругунан атын аймахтарыгар эбэтэр оҕолоругар бэриллибит буолар. Балар сибээскэ тахсыбаттар, дьиэлэрин, олбуордарын сөргүппэттэр. Ол эрээри биһиги маннык уһаайбалары дьоҥҥо ылан биэрэн кэбиһэр кыахпыт суох. Тоҕо диэтэххэ, бары хаһаайыннаахтар. Онон нэһилиэк киин сиригэр турар уһаайбаны ылыан баҕарар дьон быһаччы дьиэ хаһаайынын кытта докумуоннаһара сөп буолар. Аны туран, бу докумуону оҥорсуу дьыалата эмиэ олус уустук.
Серафим Винокуров, Ньурба улууһун Ынахсыт нэһилиэгин баһылыга:
– Биһиги нэһилиэккэ быраҕыллыбыт олбуордаах дьиэлэр элбэхтэр. Нэһилиэстибэнэн бэриллэн баран, докумуона оҥоһуллубакка сылдьар уһаайба эмиэ балачча баар. Холобур, аҕам саастаах дьонноро суох буолбуттарын кэннэ оҕолоро Дьокуускайга, атын киин сирдэргэ олохсуйаллар. Сирдэрин нолуогун төлүүллэрин-төлөөбөттөрүн туһунан этэр кыаҕым суох. Сорохтор төрөппүттэрин дьиэлэрин атыылыыллар. Сорохтор ол курдук көрбөккө-истибэккэ хаалларан кэбиһэллэр. Билиҥҥи туругунан, биһиги нэһилиэкпитигэр эдэрдэргэ бэриллэр уһаайба сирэ диэн суох. Онон үгүстэр баһаарынай өттүнэн соломмут, бульдозерынан күртэриллибит сирдэргэ сир көрдүүр. Онно сир биэрдэхпитинэ, эмиэ кэҥэтиэхпитин, солуохпутун наада курдук буолар. Нэһилиэнньэбит ахсаана 600 кэриҥэ. Эдэр исписэлиистэр үлэлии кэллэхтэринэ, уопсай дьиэҕэ олохсуйаллар, аҕыйах сыл үлэлээн баран киин сиргэ бараллар. Онон олохтоох ыччат эрэ дьиэ туттар. Билиҥҥи туругунан, нэһилиэкпитигэр үс дьиэ тутулла турар. Онон төрөппүттэрин дьиэлэрин, олбуордарын докумуоннарын барытын сөхсүтүнэн, киин сиргэ олохсуйбут ыччат кэлэн сөргүтүөн эбэтэр атыылыан сөп дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, нэһилиэк тас көстүүтүн да буортулуур, эдэрдэргэ уһаайба да сирэ суох. Онон бу кыһалҕалаах боппуруос быһаарылыннар, нэһилиэк киинигэр эдэр дьон дьиэ туттан олороллоругар кыах биэриэ этэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: