Этэрбэскин уллартардыҥ дуо?
Биһиэхэ, Саха сирин олохтоохторугар, кыстыыр кыһыҥҥы таҥас сүрүн оруоллаах. Олортон биир сүрүн миэстэни этэрбэс ылар. Этэрбэс сыаната билигин маҕаһыыннарга ортотунан 35 тыһ. солк. саҕаланар. Оттон уллартарыы төһөнүй?
Арай биирдэ эбээм билэр киһитигэр мөҕүттэ олороругар түбэстим. «Ити киһи быйыл уллартарар хаатыҥкатын аҕалбата, атаҕын айаҕар уган кыстыыра буолуо» диэбитин истэн, быарбын тарбаабыппын өйдүүбүн. Кэлин хойукка диэри ону санаан күлээччибин. Эбээм барахсан кыһалҕаттан итинник мөҕүттэр буоллаҕа. Оччолорго этэрбэһи билиҥҥи курдук ким даҕаны харчыга улларан биэрэр өҥөнү оҥорбот буолара, тоҕо диэтэххэ, ыал ахсын эбээ, эһээ үгүстэрэ уллараллара. Биир эмит киһи сатаан улларбат буоллаҕына, ол киһиэхэ кыра харчыга дьон улларан биэрэрин өйдүүбүн. Билигин атын үйэ, өҥө барыта харчыга оҥоһуллар. Былырыын баччаларга этэрбэспин 3500 солк. уллартаран бэрт ичигэстик кыстаан туораабыт киһи, быйыл сыаната төһө буоларын сураһарга, сыананы тэҥнииргэ сананным.
Тарыып
Тус бэйэм этэрбэспин былырыын “Силуэт” атыы-эргиэн киинин бастакы этээһигэр атах таҥаһын абырахтыыр, этэрбэс улларар чуолҕаҥҥа туттарбытым, 3500 солк. уллартарбытым. Сыана тэҥнээри, “Силуэт” атыы киинин кэтэх аанынан тиийбитим, били былырыын ньиргиччи үлэлии олорбут этэрбэс уллартарбыт чуолҕаным сабыллан хаалбыт. Хата, ол аттыгар «Иис-Уус» диэн этэрбэс арааһын атыылыыр улахан маҕаһыыҥҥа киирдим. Манна көрдөххө, дьахтар тыс этэрбэһин сыаната 40 тыһ. солк. саҕалаан 54 тыһ. солк. тиийэ халбаҥныыр. Саҥа этэрбэс атыылаһардааҕар уруккутун уллартарар барыстаах буолууһу дуу диэн көрдүм. Сыана тэҥниир соруктаах буолан, олорор дьиэм бөлөҕөр этэрбэс улларабын диэн биллэрии нүөмэригэр эрийдим. Миигин кытта саха киһитэ кэпсэттэ. Этэрбэс улларыы ортотунан, 4500 солк. диэтэ.
«Сардаана» баабырыкаҕа
Кыһыҥҥы таҥас-сап тиктэрээри, этэрбэс уллартараары үгүс дьон «Сардаанаҕа» тиийэр. Быйыл эмиэ өрөбүллэри туһанан кинилэргэ этэрбэс улларыыта төһө буолбутун билсэ тиийдим. Баабырыка сыаҕа уонна маҕаһыына биир дьиэҕэ баар эрээри, киирэр ааннара атын-атын. Мин манна номнуо иккис сылбын сылдьар буолан, билэрдии этэрбэс улларар сыахха таҕыстым. Буолуохтааҕын курдук, үлэ күөстүү оргуйар. Иистэнэр массыына, ыстаныак тыаһа тигинээн олорор. Манна этэрбэһи, күндү түүлээҕи барытын тигэр хас да сыах үлэлиир. Эдэрчи киһи улахан тимир ыстаныакка этэрбэскэ эрэһиинэ тилэҕи сыһыара турар. Ким эрэ тыс этэрбэһи көтүрэ олорор. Манна этэрбэһи уллартарыы өҥөтө — 4000 солк., тилэҕэр эрэһиинэ сыһыарыы — 1200 солк.
Чааһынайдар сыаналара
Чааһынай дьоҥҥо этэрбэс уллартарыы маннык, дьахтар этэрбэһэ — 4500 солк., эр киһи этэрбэһэ — 5000 солк., оҕо этэрбэһэ (15‑с кээмэйгэ диэри) — 3000 солк. Ити кээмэй-
тэн улааттаҕына — 3500–4000 солк. диэри араастаһар. Тилэҕэр эрэһиинэ сыһыарыы — 1800 солк. Этэрбэс ис таҥаһын абырахтатыы — 2000 солк. Былырыыҥҥыттан барыта 1000 солк. үрдээбит. Онон, сыананы тэҥнээтэххэ, “Сардаана” баабырыкаҕа уллартарыы барыстаах курдук буолан тахсар.
Эдэрдэр бачыыҥканан кыстыыллар…
Биллэриигэ баар этэрбэс улларар өҥөнү оҥорор Константин диэн киһиэхэ эрийэн кэпсэттим.
— Дьокуускайдааҕы дизайн уонна технология үөрэҕин бүтэрбитим. Этэрбэс улларыыта хаһан баҕарар харчылаах идэ диэн, абаҕабар үөрэнэн дьарыктанар буолбутум биэс-алта сыл буолла. Анаан рекламаламмаппын. Биллэриини ситимҥэ ыытан кэбиһэбин, тустаах дьон сибээскэ тахсаллар. Бу күһүн уонча этэрбэһи уллардым. Өссө да сакаас
киирэ турар. Дьон үксэ 4500 солк. улларар, онон быйыл сыанабын эмиэ үрдэттим. Хаатыҥка, боолдьох таҥас, эрэһиинэ сыаната сыл ахсын ыарыыр. Билигин үксэ аҕам саастаах дьон бу өҥөнү туһанар. Эдэрдэр бачыыҥканан кыстыыллар быһыылаах.
Татьяна Захарова, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор:
— Мин былырыын этэрбэспэр 500 солк. хаатыҥкаттан хобулук быстаран эптэрэн биэрбитим. Дьиҥэ, эрэһиинэ эптэриэхпин баҕарбытым да, халтархай буолуо дии санаабытым. Этэрбэспин уллартарбатаҕым үс сыл буолла. Уллартардахха, этэрбэс кээмэйэ кыччыыр дии саныыбын, онон быйыл саҥа этэрбэс ылынар былааннаахпын.
Лариса Иванова, атыыһыт:
— Этэрбэс уллартарыыта диэни умнубутум ыраатта. Тоҕо диэтэххэ, билигин аныгы араас халыҥ атах таҥаһа элбэх. Үлэбэр массыынанан сылдьар буолан, этэрбэскэ даҕаны улаханнык наадыйбаппын.
Данил Степанов, Бүлүү улууһун олохтооҕо:
— Сыл ахсын хаатыҥканан кыстыыбын. Кэргэним этэрбэһин быйыл уллартара биэрдибит. Бэйэлэрин хаатыҥкаларыттан оҥорор буолан, 4500 солк. диэбиттэрэ. Бу сыанаҕа саҥа этэрбэс кэлбэт буоллаҕа, ону сэргэ улларыы сыралаах үлэ дии саныыбын.
Суруяна Неустроева, Анаабыр улууһун олохтооҕо:
— Биһиэхэ, Анаабырга, этэрбэһи тигии даҕаны, улларыы даҕаны өҥөтүн хото оҥороллор. Былырыын саҥа этэрбэс атыыласпыт буолан, уллартарыыга наадыйбаппын. Этэрбэс улларыы сыаната биһиэхэ 3000 солк. быһыылаах. Олохтоохтор барытын бэйэлэрэ оҥорор, тигэр буоланнар, сыана наһаа ыарахана суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: