Этэрбэспин уллаттарабын дуу, уларытабын дуу?

Share

Урут оҕо эрдэххэ, тыа сиригэр хас биирдии оҕонньор, иистэнэр эмээхсин этэрбэһи улларар буолара. Этэрбэспин онньоччу үктээн киирдэхпинэ, эбэм мөҕүттэ тоһуйааччы. Дьахтар киһиэхэ уустук үлэни эбэм барахсан оҥорор буолан, миигин сэмэлиирин кэлин өйдүүбүн. Онньойбут этэрбэс ордук оҕо доруобуйатыгар охсуулаах диэн быраастар бэлиэтииллэр. Оттон мин онньойбут этэрбэстээх оҕолору көрдөхпүнэ, эбэм сэмэлиирин санаан кэлэн, ардыгар мүчүк гынабын. Ол эрээри, билигин атын кэм. Кыһыннары бачыыҥканан, кроссовканан кыстыыр ыччат элбэх.

Биһиэхэ, Саха сирин олохтоохторугар, кыстыыр кыһыҥҥы таҥас сүрүн оруолу ылар. Олортон биир сүрүн миэстэни этэрбэс ылар. Этэрбэс сыаната билигин маҕаһыыннарга ортотунан 30 тыһыынчаттан саҕаланар. Сорох дьон этэрбэстэрин иккилии сыл буола-буола уллаттараллар. Матырыйаал сыаната ыараатаҕына, улларыы өҥөтө эмиэ үрдүүр. Билигин этэрбэс улларыыта төһө буолбутуй? Чааһынай дьоҥҥо уллаттарар ордук дуу, анал ул­­ларар тэрилтэҕэ илдьэр барыстаах дуу?

Сыана да араастаһар

Тус бэйэм этэрбэспин “Силуэт” атыы-эргиэн киинин бастакы этээһигэр атах таҥаһын  абырахтыыр, этэрбэс улларар чуолҕаҥҥа туттардым. Манна дьахтардаах эр киһи сарсыарда уон чаастан үлэлииллэр. Этэрбэһи 3500 уллараллар эбит. Этэрбэс тилэҕэр эрэһиинэ сыһыартарар буоллахха, 1500 солкуобай эбиллэр. Мин арыый чэпчэки сыанаҕа этэр­бэспин уллаттара биэрбит киһи, күлүкпэр имнэнним. Сыана тэҥниир соруктаах буоламмын, олорор дьиэм бөлөҕөр баар этэрбэс улларабын диэн биллэрии нүөмэригэр эрийдим. Миигин кытта саха киһитэ кэпсэттэ. Этэрбэскин аҕалан көрдөр, сыанабын онтон этиэм, улларыы ортотунан 4000 тыһыынча солкуобай диэтэ.

«Сардаана» фабрика сыаҕар

Ити күн аны “Сардаана” фабрикаҕа айаннаатым, урут онно улларалларын истэрим. Бастаан фабрика маҕаһыынын киирэн кэриччи көрдүм. Этэрбэс арааһа кэккэлэспит. Чэпчэтиилээх аахсыйа ордук суппуун, тирии этэрбэстэргэ баар. Салгыы сыананы билэ-көрө, этэрбэс улларар сыах диэки бардым, улахан ааны тэлэйэ аһан киирбитим, иистэнэр массыына, ыстаныак тыаһа  иһиллэр. Миигин фабрика төһүү үлэһитэ Андрей Тимофеев сэргэхтик көрүстэ. Манна этэрбэһи, күндү түүлээҕи барытын тигэр хас да сыах тигинэччи үлэлии турар. Эдэрчи киһи биир этэрбэһи көтүрэн кээмэйдии олороругар түбэстим. Этэрбэс улларар сыахха улахан тимир ыстаныагы сэргиибин, онтум этэрбэс тилэҕин сыһыарар ыстаныак эбит. Миигин кытта бу сыахха 17-с сылын үлэлиир Лев Иванов кэпсэттэ:

— Манна үлэлээбитим ыраатта. Этэрбэһи түөрт тыһыынчаҕа улларабыт. Баҕарар буоллахтарына, тилэҕэр эрэһиинэлиибит. Быйыл этэрбэс уллаһыгар барсар боолдьох (войлок) матыры­йаал киилэтэ 1200 солкуобайга тэҥ­нэстэ. Онон сыана ыараабытынан, улларыы сыаната эмиэ кыратык эбилиннэ. Уллаһык болдьохтон улахан тутулуктаах. Сорохтор чараас, сымнаҕас матыры­йаалтан оҥороллор, оннук на­­чаас тэпсиллэр. Үлэм кэннэ бэйэм чааһынайбар эмиэ улларабын. Биирдиилээн са­­каастар киирээччилэр. Саҥа этэрбэс атыылаһардааҕар, төһө тэпсиллибитинэн көрөн этэрбэһи кэмигэр уллаттарар ордук бөҕө буоллаҕа.

“Улаханнык барыһырбаппын”

“Михаил, этэрбэс улларааччы” диэн аатынан сурулла сылдьар иккис нүөмэрбэр сибээскэ таҕыстым. Кэпсэтии кылгас буолла. Бу киһи этэрбэһи үс тыһыынчаҕа улларар эбит. Ол эрээри, тилэҕэр эрэһиинэ тигэрэ балтараа тыһыынча эбит. Маны таһынан, кини алдьаммыт, аһары эргэрбит этэрбэстэри уллара ылбат эбит. Кини: «Этэрбэс улларан улаханнык барыһырбаппын, хаатыҥканы быһан улларабын. Болдьох аһары сымнаҕас буолар. Оннук уллаһыллыбыт этэрбэс кэбирэх буолар. Миэхэ уллаттарбыт дьон кырата биэстии сыл этэрбэстэрин кэтэллэр», – диэн кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago