Салгыы
Эти-сиини хамсатыы  – уһун үйэлэнии төрүөтэ

Эти-сиини хамсатыы  – уһун үйэлэнии төрүөтэ

12.01.2024, 16:40
Хаартыска: Наркология диспансерын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 8-14 күннэригэр актыыбынай олоҕу  сырдатыы, тарҕатыы  нэдиэлэтэ ыытыллар.

Доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ быһаарарынан, “эт-сиин актыыбынаһа” диэн хамсаныы ханнык баҕарар көрүҥэр сыһыаннаах, ол иһигэр сынньалаҥ, айан  эбэтэр үлэҕэ барыы-кэлии кэмнэрэ. Эти-сиини хамсатыы —  чөл олох, доруобуйаны тупсарыы быстыбат сорҕото.

Эт-сиин ситэри чэбдигирбэтэ араас ыарыы уонна өлүү сүрүн төрүөттэриттэн биирдэстэринэн  буолар. Ону таһынан, искэн сайдар куттала үөскүүр (холобур, эмиий араагын куттала 21% улаатар).

Онтон үтүө өрүттэрин ааттаатахха, сүрэх, мэйии уонна организм уопсай туругун биллэ тупсарар. Ол түмүгэр араас ыарыыттан өлүү ахсаана намырыыр уонна истириэс, наар куттана, дьааххана сылдьыы бэлиэлэрэ суох буолаллар.

Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ  нэдиэлэҕэ 150 мүнүүтэ сөбүгэр соҕус эбэтэр  75 мүнүүтэ тэтимнээхтик хамсанарга сүбэлиир.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: