Салгыы
Этикеткаҕа тугу суруйалларый?

Этикеткаҕа тугу суруйалларый?

Ааптар:
20.09.2024, 20:00
Хааартыска: .sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:

— Бородуукта 100 грамыгар төһө белок, углевод, сыа, калорий баара суруллар.
— Аһылыкка төһөҕө диэри туттуохха сөбүн туһунан болдьох. Уруучуканан буолбакка, аналлаах массыынанан бородуукта суутугар ыйыллыбыт буолуохтаах.
—  Састаабыгар баар ингредиеннэри аччыыр бэрээдэгинэн суруйаллар.
— «Обезжиренный» диэни көнөтүнэн өйдөөмөҥ. Сыата арыыта суох оҥорон баран, минньитээри саахар эбэллэр. Састаабыгар саахары бастаан суруйбут буоллахтарына, туһата кыра.
— «Без холестерина» – реклама албаһынан буолуон сөп. Холобура, холестерин үүнээйи арыытыгар суох. Ол эрээри, холестерина суох ас барыта туһалаах диэн өйдөөмөҥ. Тоҕо диэтэххэ, чэпчэки сыаналаах маргариннарга төһө да холестерин суоҕун иһин трансжирдар бааллар.
— Түргэн углевод диэн тугуй? Углевод диэн, бастатан туран, саахар дии саныыбыт. Саахара суох бородуукта бытаан углеводтарга киирсэр. Ол эрээри, саахара суох бородуукта диэн баран, саахары солбуйар сахароза, мальтоза, кукуруза сиробын, фрукта концентратын эбиэхтэрин сөп. Бу бары бытаан углеводунан буолаллар. Киһини уоталлар.
— Олус элбэх саахар газировкалаах, энергия биэрэр утахтарга (ыстакаан утахха 8 чаайынай ньуоска саахар киирэр) баар.
— Трансжиры диэн тугуй? Үүнээйи арыытыттан оҥорон таһаарар арыылара. Бу арыыны куруутун сиир дьон тымырдара бүөлэниэн сөп. Маннык арыылар чэпчэки сыаналаах бэчиэнньэлэргэ, кэмпиэттэргэ, сакалааттарга бааллар, маргарины оҥороллор.
— Тууһу сороҕор «натрий» диэн суруйаллар. Этикеткаҕа бородуукта састаабын испииһэгэр туус төһөнөн бастакынан турар да, оччонон элбэх. Киһи тууһу 5 гр (чаайынай ньуоска) элбэҕи сиирэ доруобуйатыгар охсуулаах буолуон сөп. Халбаһыыларга, кэнсиэрбэлэргэ, кытаанах сыырга, чипсилэргэ, фаст-фудка тууһа элбэх.
—  Аска туһаныллар эбииликтэр (пищевые добавки). Россияҕа Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ көҥүллээбит эрэ эбииликтэрин бородуукта оҥороллоругар туһаналлар. Оттон Сэбиэскэй Союз саҕанааҕы стандартынан (ГОСТ) оҥоһуллубут бородуукталарга натуральнай кырааскалары уонна эбииликтэри эрэ тутталлар. Ол иһин киһи доруобуйатыгар буортута суох аһылыгы ылар туһугар ГОСТ диэн суруктаахха болҕомтоҕутун хатыыргыт наада.
— Е суруктаах эбииликтэр аска туттарга көҥүллээхтэр. Е барыта искусственнай эбиилик буолбатах. Холобура, Е440 куртахха ас буһарыгар көмөлөһөр дьаабылака сүмэһинэ, Е300 – С битэмиин, Е306-Е309 — антиоксидант Е битэмиин.
— «Пастеризованнай» диэн бородууктаны буортулаах бактериялары өлөрөөрү 70 температураҕа диэри оргуталлар, битэмииннэрэ хаалаллар. Хас да хонук туох да буолбакка туруон сөп.  «Стерилизованнай» бородууктаны 100 кыраадыс итиигэ диэри оргуталлар. Битэмиинэ аҕыйах хаалар, ол оннугар уһуннук туох да буолбакка турар.
— Кэнсиэрбэҕэ натуральнай эбииликтэри көрдөөҥ: лимоны, дьаабылыка кислотатын, тууһу.
—  Эмульгаторы арыыта-сыата аҕыйах аска эбэллэр. Арыы-сыа амтанын биэрэр. Ордук лецитин диэн натуральнай эмульгатордаах аһы атыылаһыҥ.

+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
+1
1
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 64% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: