Этиҥинэн күнү-дьылы билгэлииллэр

Share

От ыйыгар өҥүрүк куйаас түһэр кэмэ, окко киирии кэмэ, сир аһа ситэр. От ыйыгар маннык билгэлэр бааллар.

От ыйын 3 күнүгэр самыырдаатаҕына – 40 хонуктаах ардах түһэр.

От  ыйын 6 күнүттэн эмтээх оту хомуйуу саҕаланар.

От ыйын 10 күнүгэр ардах түстэҕинэ – 14-кэ диэри ардыыр. Оттон кураан күн буоллаҕына – кураарар.

От ыйын 12 күнэ – Бөтүрүөп. Бөтүрүөп ардаҕа. Окко киирэллэр. Хортуоппуй, кирээдэ сыыс отун ыраастыыллар, буорун көбүтэллэр.

От ыйын 14 күнүгэр былыр отчуттар ходуһаҕа киирэр күннэрэ.

От ыйын 21 күнэ – Борокуоппайап. Дьэдьэн, хаптаҕас, сугун буһар. Кус оҕото ситэр.

От ыйын 25 күнүгэр – сиик түһүүтэ элбэх буоллаҕына, ол күн кураан буолар.

От ыйын 26 күнэ – ый туолуута. Борокуоппайап ааһыар диэри кэҕэ эттэҕинэ, үчүгэй сайын турар.

От ыйын 29 күнүттэн чыычаах күргүөмнээх тойуга уурайар.

От ыйыгар элбэхтик этиҥниир. Манан эмиэ ардаҕы, курааны билгэлииллэр эбит. Холобур, этиҥ бүтэйдии этэн ньиргийэр буоллаҕына, ардах бытааннык түһэр. Этиҥ этиитэ күүһүрдэҕинэ, ардах ыаҕастаах уунан тоҕо түһэр. Уһуннук иҥиэттэн эттэҕинэ – ардахха, оттон быһа тардан этэр буоллаҕына – кураан күҥҥэ.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕар айан: Ырбайбыт ыт, »хаардаах» хайа…

Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Өлүөнэ эбэҕэ сэлээркэ тохтубутунан дьаһал ылыллар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 188 баһыылка тиэрдилиннэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Давай бросать» диэн никотинтан аккаастаныы марафона саҕаланна

Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар  никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Буойун» киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ

"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥаластар Өлүөнэ өрүс кытылын ыраастаатылар

Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар.  …

6 часов ago