Салгыы
Этиҥнээх ардах, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Этиҥнээх ардах, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Ааптар:
16.07.2024, 07:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 16 күнүгэр, Саха сирин арҕаа, киин, соҕуруу улуустарынан  быстах ардыыра, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр.

Хоту, хотугулуу-илин сөҥүүтэ суох,  күнүс хотугулуу-арҕаа быстах этиҥнээх ардах түһүөҕэ. Арҕаа, илин, киин улуустарынан сорох сиринэн ойуур баһаарын буруота тарҕаныа. Кыралаан тыаллаах, этиҥнээх ардах кэмигэр, хотугулуу-арҕаа сөкүүндэҕэ 15-20  миэтэрэ түргэннээх күүстээх тыал түһэрэ сылыктанар.

Салгын температурата түүн +12+17°С, хотугулуу-илин +5+10°С, хоту муора кытылынан +2+7°С. Күнүс +27+32°С, ардах түстэҕинэ уонна Халымаҕа +18+23°С, хоту муора кытылынан +5+10°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга күнүс быстах ардах түһэрэ сабаҕаланар, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8  миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, күнүс сөкүүндэҕэ 15-20  миэтэрэ түргэннээх күүстээх тыалырыа. Салгын температурата түүн +15+17°С, күнүс +28+30°С кыраадыска диэри итийиэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: