Хаартыска: СИА
Бүгүн, от ыйын 16 күнүгэр, Саха сирин арҕаа, киин, соҕуруу улуустарынан быстах ардыыра, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр.
Хоту, хотугулуу-илин сөҥүүтэ суох, күнүс хотугулуу-арҕаа быстах этиҥнээх ардах түһүөҕэ. Арҕаа, илин, киин улуустарынан сорох сиринэн ойуур баһаарын буруота тарҕаныа. Кыралаан тыаллаах, этиҥнээх ардах кэмигэр, хотугулуу-арҕаа сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх күүстээх тыал түһэрэ сылыктанар.
Салгын температурата түүн +12+17°С, хотугулуу-илин +5+10°С, хоту муора кытылынан +2+7°С. Күнүс +27+32°С, ардах түстэҕинэ уонна Халымаҕа +18+23°С, хоту муора кытылынан +5+10°С кыраадыс сылаас.
Дьокуускайга күнүс быстах ардах түһэрэ сабаҕаланар, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, күнүс сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх күүстээх тыалырыа. Салгын температурата түүн +15+17°С, күнүс +28+30°С кыраадыска диэри итийиэ.
Дьокуускайга бэлисипиэттэри уорбут киһи тутуллубут. Ол курдук, малы-салы уорбут дьону булар, буруйу арыйар ИДьМ отделын…
Нам Үөдэйигэр биэс сайылык баарыттан Тоҥ Бас – айан суолугар турар буолан, саамай чугастара. Римма…
Дьокуускай олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Бүтүн Арассыыйатааҕы "ЗаБег.РФ" полумарафон ыытылларынан, ыам ыйын 24 күнүгэр 13:00-18:30 ч.…
Ыам ыйын 19 күнүгэр буолбут Владимир Путин уонна Дональд Трамп кэпсэтиилэрин аан дойду бүтүннүү кэтээтэ.…
Сулустар тугу кэпсииллэрий? Хой Дьиэ кэргэн олоҕор эйигиттэн тулуур эрэ ирдэнэр. Төһө даҕаны дьаһаллаах буолларгын,…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдах эбитий? Хоту оройуоннарга кыралаан инчэҕэй хаар, күнүс өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-арҕаа, арҕаа,…