Этиҥнээх ардахха, күүстээх тыалга
От ыйын 18 күнүгэр Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй улуустарыгар сөкүүндэҕэ 15-20 м тыалырыа, этиҥнээх ардах түһүө. Нерюнгри улууһугар ардыыр, сорох сиринэн дохсун самыыр түһэрэ күүтүллэр.
Бу быраабылалары тутуһаргытыгар ЫБММ Саха сиринээҕи салаата сүбэлиир:
-бордууһуналаргытын уонна түннүктэргитин чиҥник сабыҥ уонна тыал кэмигэр аттыгар чугаһаамаҥ.
-болкуонаргытыттан уонна тэлгэһэҕититтэн тыал көтүтүөн сөптөөх малын-салын хомуйуҥ.
-тырааныспаргытын реклама ыйаммыт щитин таһыгар, оптуобус тохтобулларыгар, мас, остуолба, дьиэ истиэнэтин таһыгар туруорумаҥ уонна олор тастарыгар бэйэҕит эмиэ саһымаҥ. Уот ситимин анныгар турумаҥ, уот ситимэ быстыбытын көрдөххүтүнэ таарыйымаҥ.
-массыынанан айаннаан иһэр буоллаххытына, быраабыланан тохтооҥ, ол гынан баран массыынаҕыттан тахсымаҥ.
-уоскуйуҥ, уолуйумаҥ, айманымаҥ, наада тирээтэҕинэ оҕолорго, инбэлииттэргэ, кырдьаҕастарга, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһүҥ.
-суһал наадата суох олорор сиргититтэн барымаҥ.
Ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түбэлтэтигэр «112» һүөмэргэ төлөпүөннээҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: