Салгыы
Ойуур баһаардара этиҥнээх ардахтан турдулар

Ойуур баһаардара этиҥнээх ардахтан турдулар

01.08.2025, 13:39
Хаартыска СӨ Экологияҕа министиэристибэтиттэн
Бөлөххө киир:

Бу нэдиэлэҕэ үгүс улуустарга этиҥнээх ардахтар буоллулар. Ол түмүгэр, саҥа баһаардар турдулар. Бу туһунан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплёв брифиҥҥэ кэпсээтэ.

Кини ааспыт сууккаҕа уопсайа 748 гектар иэннээх сиргэ 15 саҥа баһаар турбутун бэлиэтээтэ. Баһаардар Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Муома, Орто Халыма, Томпо, Эбээн-Бытантай улуустарыгар бэлиэтэннилэр.

Күн устата Абый, Дьааҥы уонна Томпо улуустарыгар уопсайа 2914 га иэннээх 7 ойуур баһаарын умуруордулар.

От ыйын 31 күнүн сарсыардатын туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 48 630 га иэннээх 58 ойуур баһаара турар. Итинтэн 53 баһаар хонтуруоллуур зонаҕа – тиийэргэ уустук, хайалаах сиргэ баар. Уопсай иэнэ 48 тыһыынча гектар. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 23870 га иэннээх икки айылҕа баһаара салгыы умайар.

Тэҥнээн көрдөххө, былырыын баччаларга 988 541,3 га иэннээх сиргэ 104 ойуур баһаара баара.

Билиҥҥи туругунан, баһаардары умуруорууга 259 киһи үлэлиир. Суһал дьаһаллар чэрчилэринэн, Дьааҥыга «Авиалесоохрана» федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин 24 исписэлииһэ көмөнү оҥороллор.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ил Дархан уурааҕынан киллэриллибит анал баһаары сэрэтэр эрэсиим бэс ыйын 5 күнүттэн үлэлиир, ВДьааҥы уонна Томпо улуустарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ үлэлии тураллар.

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан ойуур пуондатын сирдэригэр уопсайа 112 187 га иэннээх 295 ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Былырыын бу кэмҥэ 3 мөлүйүөнтэн тахса гектар иэннээх сиргэ 897 баһаар ойууру сиэбитэ.

Ону тэҥэ ураты харыстанар айылҕа учаастактарыгар үс баһаар бэлиэтэннэ. Түргэнник ылыллыбыт дьаһаллар көмөлөрүнэн, 0,6 га иэннээх сиргэ уоту умуруордулар. Атын категориялаах сирдэргэ уопсайа 30 726 га иэннээх 196  айылҕа баһаара бэлиэтэннэ.

Баһаар тахсыбыт түгэнигэр, тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7 (4112) 44-74-76 нүөмэргэ эрийиҥ. Өссө биир кэлим нүөмэргэ эрийиэххитин сөп: 8-800-100-94-00.

Бары сонуннар
Салгыы
2 августа
  • 15°C
  • Ощущается: 15°Влажность: 88% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: