Ойуур баһаардара этиҥнээх ардахтан турдулар

Share

Бу нэдиэлэҕэ үгүс улуустарга этиҥнээх ардахтар буоллулар. Ол түмүгэр, саҥа баһаардар турдулар. Бу туһунан Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплёв брифиҥҥэ кэпсээтэ.

Кини ааспыт сууккаҕа уопсайа 748 гектар иэннээх сиргэ 15 саҥа баһаар турбутун бэлиэтээтэ. Баһаардар Дьааҥы, Үөһээ Халыма, Муома, Орто Халыма, Томпо, Эбээн-Бытантай улуустарыгар бэлиэтэннилэр.

Күн устата Абый, Дьааҥы уонна Томпо улуустарыгар уопсайа 2914 га иэннээх 7 ойуур баһаарын умуруордулар.

От ыйын 31 күнүн сарсыардатын туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 48 630 га иэннээх 58 ойуур баһаара турар. Итинтэн 53 баһаар хонтуруоллуур зонаҕа – тиийэргэ уустук, хайалаах сиргэ баар. Уопсай иэнэ 48 тыһыынча гектар. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 23870 га иэннээх икки айылҕа баһаара салгыы умайар.

Тэҥнээн көрдөххө, былырыын баччаларга 988 541,3 га иэннээх сиргэ 104 ойуур баһаара баара.

Билиҥҥи туругунан, баһаардары умуруорууга 259 киһи үлэлиир. Суһал дьаһаллар чэрчилэринэн, Дьааҥыга «Авиалесоохрана» федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин 24 исписэлииһэ көмөнү оҥороллор.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ил Дархан уурааҕынан киллэриллибит анал баһаары сэрэтэр эрэсиим бэс ыйын 5 күнүттэн үлэлиир, ВДьааҥы уонна Томпо улуустарыгар ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ үлэлии тураллар.

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан ойуур пуондатын сирдэригэр уопсайа 112 187 га иэннээх 295 ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Былырыын бу кэмҥэ 3 мөлүйүөнтэн тахса гектар иэннээх сиргэ 897 баһаар ойууру сиэбитэ.

Ону тэҥэ ураты харыстанар айылҕа учаастактарыгар үс баһаар бэлиэтэннэ. Түргэнник ылыллыбыт дьаһаллар көмөлөрүнэн, 0,6 га иэннээх сиргэ уоту умуруордулар. Атын категориялаах сирдэргэ уопсайа 30 726 га иэннээх 196  айылҕа баһаара бэлиэтэннэ.

Баһаар тахсыбыт түгэнигэр, тута Эрэгийиэннээҕи ойуур хаһаайыстыбатын диспетчерскэй сулууспатыгар 7 (4112) 44-74-76 нүөмэргэ эрийиҥ. Өссө биир кэлим нүөмэргэ эрийиэххитин сөп: 8-800-100-94-00.

Recent Posts

  • Сонуннар

Дириэксийэ: Өлүөнэ муостатын тутуу кыраапыктан хаалбат

Өлүөнэни туоратар муостаны тутуу бигэргэммит кыраапыгынан ыытыллар. Генеральнай бэдэрээтчит уонна бэдэрээтчит тутар-таҥар үлэ комплексын хааччыйаллар.…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Саха сирэ – дьоруойдар дойдулара” бырагыраама салайааччыларга саҥа толкуйу үөскэтэр

“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…

2 часа ago
  • Сонуннар

Муниципалитеттар баһылыктарын 80 % — “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа бэрэстэбиитэллэрэ

“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Саха ынаҕын иитэр туһугар

Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөҥҥө Нам Маймаҕатыттан икки массыына бэлэх от кэллэ

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…

3 часа ago
  • Сонуннар

Дьокуускайга өссө 50 саҥа оптуобус куорат маршруттарыгар тахсыаҕа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…

3 часа ago