Салгыы
Арассыыйа этнографическай мусуойугар саха таҥаһын бэлэхтээтилэр

Арассыыйа этнографическай мусуойугар саха таҥаһын бэлэхтээтилэр

10.11.2022, 16:24
Бөлөххө киир:

Санкт-Петербурга баар Арассыыйатааҕы этнографическай мусуойга саха дьахтарын мааныга кэтэр таҥаһын кэмпилиэгин Саха АССР 100 сылынан, Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын сылыгар, мусуой тэриллибитэ 120 сылыгар анаан бэлэх ууннулар. Саха маастардарын үлэлэринэн пуонданы хаҥатар туһунан көрдөһүү мусуой аатыттанбырабыыталыстыбаҕа бу сыл саҥатыгар киирбитэ.

Кэмпилиэги СӨ норуодунай худуоһунньуга, норуот маастара Анна Зверева ХIХ үйэтээҕи саха таҥаһын үүт-үкчү үтүгүннэрэн тикпит. Сону, дьабака бэргэһэни, үтүлүгү оҕуруонан киэргэтэн, кыбытыы ньыматынан кырадаһыннары аттаран, былыргы иис быраабылаларын тутуһан тигиллибит, олус кэрэ көстүүлээх таҥас мусуойга көрдөрүүгэ турда.

Култуура, духуобунай сайдыы миниистирэ Юрий Куприянов этэринэн, Арассыыйатааҕы этнографическай мусуойга саха коллекцията 3700 экспонаттаах. Манна култуура, ускуустуба, олох-дьаһах, норуот айымньытын маллара бааллар. Холобур, 1896 сыллаахха саха дэлэгээссийэтэ цесаревичка, кэнэҕэски император Николай Торуойга бэлэхтээбит саха таҥаһын кэмпилиэгэ харайыллан сытар.

Билигин этнографическай мусуойга Арассыыйа 160 норуотун култууратын, ускуустубатын экспонаттара хараллаллар, сыллата эбиллэн, пуонда кэҥиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: