Этнография дьыктааныгар дьон көхтөөхтүк кытынна

Share

А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бүгүн Саха сиригэр түөлбэлээн олорор араас омуктар бэрэстэбиитэллэрэ муһуннулар. Бары бэйэлэрин төрүт таҥастарын кэтэн, симэнэн кэлбиттэрэ көрүөххэ эриэккэс. Бүгүн манна – Норуоттар сомоҕоһууларын күнүн көрсө этнография дьыктаана ыытыллар.

Сыгынньахтанан, иккис мэндиэмэҥҥэ тахсааппын кытта: “Дьыктаан суруйаҕын дуо, нүөмэр биэрэбит” — диэн түөрт киһи үөрэ-көтө кэлбит дьону көрсөн бэлиэтиир, уруучука, кумааҕы, анал нүөмэр туттарар.

А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин омуктар сыһыаннаһыыларыгар салаатын салайааччыта Ирина Стрекаловская:

— Бүгүн норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр этнографическай дьыктаан улахан былаһаакката аһылынна. Бу дьыктаан 2019 сылтан сыл аайы ыытыллар. Бу иннинээҕи сылларга арыый аҕыйах киһи буолар этэ, быйыл кыттааччы элбэх: общиналар, устудьуоннар, биирдиилээн баҕалаах дьон. Быһа холуйан 80-тан тахса миэстэни бэлэмнээбиппит, барыта туолла, өссө да кэлэ тураллар. Бүгүн манна сахалар, нууччалар, татаардар, таджиктар, кэриэйдэр, бүрээттэр, төрүт аҕыйах ахсааннаах омуктар о.д.а. бааллар.

Арассыыйа – элбэх омук олорор дойдута. Холобур, Саха сиригэр 135 араас омук олорор. Хас биирдии омук бэйэтэ туспа үгэстээх, сиэрдээх-туомнаах, култууралаах, тыллаах. Эн-мин дэһэн олорорбут туһугар ыкса омуктарбыт култуураларын билиэхтээхпит, бу тэрээһин норуоттары сомоҕолуур, түмэр соруктаах ыытыллар.

Этнография дьыктаанын ыйытыылара сорохторо бэрт уустуктар, биһиги онтон куттаммакка хоруйдуу сатыахтаахпыт, билбэппитин кэлин бэйэбит хасыһан  билэргэ дьулуһуохтаахпыт, — диэн этэр.

Дьыктаан тест быһыытынан барар, 30 ыйытыыттан турар. Онтон Саха сиригэр сыһыаннаах 10 ыйытыы бэриллэр, атыттара – Арассыыйа норуоттарын култууратыгар сыһыаннаахтар.

Кылгас киирии тыл кэнниттэн бэлэмнэнии саҕаланар. “Манна уруучука тиийбэт”, “манна эмиэ” диэн саҥалар иһиллээттэрин кытта тэрийээччилэр күүттэриитэ суох барытын хааччыйан иһэллэр. Модератор, көдьүүстээх коммуникациялар исписэлииһэ, “Саха сирин спикердэрэ” ситимнээх саҥа кулуубун төрүттээччи Анна Фомина дьыктаан ыйытыыларын ааҕан саҕалыыр…

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, быйыл ыччат хото кэлбит. Ким эрдэ хоруйдаабыт үлэтин туттаран баран тахсан иһэр. Бастакы мэндиэмэҥҥэ сүүрбэччэ мүнүүтэ кэтэһэ түспүтүм кэннэ эдэр дьон биир-биир түһэллэр. “Номнуо хоруйдаатыгыт дуо? Санааҕытын үллэстэргит эбитэ буоллар” – диэппин кытта “Тамерлан!” диэн бииргэ үөрэнэр доҕордорун ыҥыран ылаллар. Кэпсэтэн билбитим Тамерлан Афанасьев Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннааҕыттан төрүттээх, Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтун суудуна мэхээнигэ идэтин иккис кууруһун устудьуона эбит. “Иккис куурустан 16 устудьуон кэллэ. Этнография дьыктааныгар быйыл аан бастакытын кытынным. Ыйытыылара син уустуктар эбит. Кимтэн да ыйыппатым, төлөпүөнү көрбөтүм, бу сөп быһыылаах диэбиттэрбин туруортаатым” – диэн кылгастык кэпсиир. Эдэр дьон сиэринэн бу санаатын үллэстиитэ ханна тахсарын ыйыталаһан, көрүөх бэтэрээ өртүгэр “Саха сирэ” хаһыат телеграм ханаалыгар сурута охсор.

Салгыы үөһэ тахсан саалаҕа кэтэһэн тура түһэбин, үгүстэрэ орто, аҕа саастаах дьон хаалбыттар, бэрт кичэйэн хоруйдуу олороллор. Өтөр буолбат үлэлэрин туттаран тахсыталыыллар. Нуучча дьаамсыктарын бэрэстэбиитэлэ Надежда: “Кыттааччы билиитин олус хаҥатар дьыктаан. Федеральнай чааһа судургу, оттон Саха сирин географиятыгар, аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктар этнографияларыгар сыһыаннаах ыйытыыга балачча толкуйдуу түстүм. Быйыл үһүспүн кытынным, хас сырыы ахсын Сахам сирин туһунан туох эрэ саҥаны билэбин, дьыктаан үчүгэйэ ол баар” – диэн санаатын үллэстэр.

Армяннар түмсүүлэрин бэрэстэбиитэлэ Сусе Арасян: “Былырыын дьыктааҥҥа эмиэ кыттан турабын. Быйылгы дьыктаан ыйытыыларын лаппа тупсарбыттар, үгэскэ сыһыаннаах олус интэриэһинэй ыйытыылар бааллар. Холобур, сүктэр кыыс, кини халыымын туһунан. Омуктар үгэстэрин туһунан тиэмэ хаһан баҕарар сэҥээриллэр. Онтон сорох ыйытыылары бүгүн манна эрэ кэлэн баран биллим, сөп ини диэн хоруйдаатым. Көрүөхпүт, түмүгү долгуйа кэтэһэбин” – диэн этэр. Уопсайынан, бу курдук атын омуктары билиһиннэрэр тэрээһиннэри биһириирин, биһиги күүспүт – сомоҕолоһууга диэн бэлиэтиир.

Онтон кэриэйдэр ассоциацияларын бэрэстэбиитэлэ, төрөппүттэрэ (ийэтэ Сахалинтан, аҕата Бурятиттан) ааспыт үйэ бүтүүтэ Саха сиригэр кэлэн билсэн олохторун холбообут, бэйэтэ Саха сиригэр төрөөбүт Татьяна: “Дьыктааны номнуо үһүс сылбын суруйабын. Былырыын дьыктаан көрүҥэ арыый атын соҕус этэ, кэриэй тылынан суруйбуппут, быйыл – тест. Ыйытыылар олус судургута суохтар, үксэ дойду  устуоруйатын кытта сибээстээх. Бу курдук тэрээһин ыытыллара хайаан даҕаны ирдэнэр. Уонна киһи блиитэ-көрүүтэ да хаҥыыр” – диэн кэпсиир.

Ити курдук, дьыктааҥҥа кыттыбыт хас биирдии омук бэрэстэбиитэлэ туох эрэ саҥаны билэн-көрөн, билбэтин салгыы хасыһан ааҕар баҕа санаалаах Норуоттар дьоҕордоһууларын дьиэтин аанын сабан тахсар. Этнография дьыктааныгар кыттыбыттарга бука барыларыгар сэртипикээттэри туттардылар.

Хаартыска: Айталина Аргунова.
Хаартыска: Айталина Аргунова, Людмила Попова.

 

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Леонид Спиридонов Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятын вице-бэрэсидьиэнинэн талылынна

Саха сирин успуорка уонна физическэй култуураҕа миниистирэ Леонид Спиридонов Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятын вице-бэрэсидьиэнинэн талылынна…

5 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэргэ 3,5 мөл.солк. албыннаппыт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр икки буруйу оҥоруу буолбутун СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэргэ 3,5…

25 минут ago
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Сүрүн

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа олохтоохторугар туһаайан этии оҥордо

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа олохтоохторугар туһаайан этии оҥордо.  Кини РФ-га американскай уонна британскай ыраахха…

41 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Саха быһаҕа байыаһы өлүүттэн быыһаабыт

Саха быһаҕа байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саха байыаһын өлөр өлүүттэн быыһаабытын туһунан видеоны "Военкоры Якутии"…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Кыргызстантан төрүттээх киһи сымыйа дааннайдараах РФ пааспарын илдьэ сылдьыбыта билиннэ

СӨ ИДьМ үлэһиттэрэ Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх 41 саастаах киһи сымыйа дааннайдардаах РФ пааспарын илдьэ сылдьарын…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

3 часа ago