“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар. Бу туһунан түмэл пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Дьыктааҥҥа кыттыан баҕалаах дьон бары Арассыыйа норуоттарын култуураларын, үгэстэрин туһунан билиилэрин тургутан көрүөхтэрэ.
13:45 ч. Тэрээһимн “Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах норуоттара” диэн тиэмэҕэ аччыгый лиэксийэттэн саҕаланыаҕа. Кыттааччылар дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын култууратын, үгэстэрин эгэлгэтин, кинилэр Арассыыйа култууратыгар киллэрбит кылааттарын кытта билсиэхтэрэ.
14:00 ч. дьыктаан саҕаланыаҕа. Манна Арассыыйа норуоттарын этнографиятыгар, үгэстэргэ сыһыаннаах ыйытыылар баар буолуохтара.
Дьыктаан 30 ыйытыылаах тест көрүҥүнэн барар. Хоруйдуурга анаан 45 мүн. бэриллэр.
Тэрээһин ыытыллар сирэ: Уткин аатынан уулусса 5-с нүөмэрдээх дьиэтин 2-с мэндиэмэнэ (“Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэл).
Саҕаланыыта: 14:00 ч. Киирии босхо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: