Евдокия Егоровна уонна Гавриил Федуллович 1984 с. I Күүлэт оскуолатыгар иккиэн нуучча тылын учууталларынан кэлбиттэрэ. Өрүү бииргэ үлэлэригэр бараллар-кэлэллэр этэ, олус иллээх-эйэлээх, биир санаанан куустаран сылдьаллара тутатына көстөрө. Иккиэн саһархай өҥнөөх тирии бартыбыаллаах этилэр, ол бартыбыалларын быһыта киирбит дьураалара, хас биирдии мыччыстаҕастара кинилэр балачча өр учууталлаабыттарын туоһулууллара.
Евдокия Кылабысова олус номоҕон, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, сиртэн-буортан тэйбит киһи кылааспытыгар киирэн кэлбитэ уонна сып-сырдык харахтарынан барыбытын сыныйан одууласпыта. Биһиги саҥа алын сүһүөҕү бүтэрбит оҕочоостор кинини эмиэ үөрэтэн чоҕулуһан, сэгэйэн олоробут. Учууталбыт минньигэс да минньигэс парфюмун аҥкыла кылаас иһигэр олус ураты туругу үөскэттэ. Таҥаһа-саба мааныта хайдах эрэ английскай королева стилигэр чугас этэ. Кини отой туора сиртэн кэлбитэ харахха быраҕыллара. Уруок кэннэ биһиги обургулар толлубуппут ааһан учууталбытын чугаһаан көрөбүт-истэбит, ол сылдьан хаһан да харахтаабатах эриэккэс янтарнай брошкатын тутан-хабан көрөбүт диэн салыбырастарын тууран кэбиспиттээхпит. Учууталбыт барахсан мүчүк эрэ гыммыта.
Евдокия Егоровна үөрэтэригэр бэйэтэ ураты ньымалардааҕа. Оҕону көҥүл тыыннаан уонна толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар эбит. Ону таһынан бэйэбитин дьаһанарга, көрүнэргэ, быһаарыныы ылынарга үөрэтэрэ. Биһиги кылаас кып-кыра эрдэхпититтэн кэниспиэк суруйарга үөрэммиппит. «Үрдүк үөрэх кыһатыгар киириэххит, ким онно эһиэхэ биирдии тылынан кэпсии, быһаара туруой. Дьон саҥатыттан сүмэтин хабан ыларга үөрэниҥ», — диирэ. Нуучча литературатыгар олус элбэх ырытыы суруйарбыт, үөрэх былаанынан көрүллүбэтэх да айымньылары бэйэтин бибилэтиэкэтиттэн аҕалан аахтарара. Ол курдук, В.Шаламов, А.Солженицын айымньыларын ааҕарбыт, ырытарбыт. Евдокия Егоровна биир айымньыны араас хайысханан ырыттаран араас былааннары оҥорон, санааны салайар быһаарыылары оҥорон кылааска ыйыыра. Ону хас биирдиибит бэйэтэ талара. Ол да иһин, биһиги кылаас оҕолоро бары саҥарар, бичийэр дьоҕурдаахпыт.
Евдокия Егоровна суруйааччы, дойду устуоруйатын кэрэһитэ буолар сүдү оруоллааҕын арыйбыта. Ол да иһин, устуоруйа хаамыытын, араас өйдөммөт өрүттэрин литература уруоктарыгар айымньы нөҥүө билбитим, устуоруйаҕа билиибин Евдокия Егоровна ыыппыт литература уруоктарыттан сомсубутум диибин.
Ону таһынан Евдокия Егоровна кырачаан оҕочоостору олоххо бэлэмнээх буоларга үөрэппит эбит. Ол курдук, кини хайдах баанньыкка тэринэн барары-кэлэри, хайдах онно дьону итии уунан ыспакка, сөптөөхтүк туттан-хаптан сылдьарга, улахан поликлиникаларга хайдах быраастары сөпкө ааттаан-суоллаан көрдөһөрү, Дьокуускайга почтамт диэн киэҥ уораҕай ханна турарын, онно киирэн муммакка кыһалҕаҕын быһаарсарга, хайдах дьоҥҥор тэлигэрээмэ ыытаргын, телеграф диэн дьиэлэригэр киирэн дьоҥҥун кытары хайдах переговор болдьоһон кэпсэтиэххэр, гостиница диэннэригэр хайдах нүөмэр сакаастаан, хонор сиргин булунаргын, араас уочараттарга туох быһыы-майгы тахсыан сөбүн, иирсээни хайдах тумнары эҥин үөрэппитэ. Ол иһин, биһиги үрэх баһыттан кэлбит оҕолор Дьокуускайга кэлэн муммакка-тэммэккэ, иннибитин-кэннибитин син быһаарсан сылдьыбыппыт.
Аны биһиги кылаас оҕолорун биирдиилээн дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырара. Тыа оҕолоро буоламмыт маҥнай утаа ол тоҕо ыҥырдаҕай, туохха сэмэлээри гыннаҕай диэн толлуу бөҕөбүт. Ону баара Евдокия Егоровна хайдах остуол сервировкаланарын, биилкэ-ньуоска хайа илиигэ туттулларын ыйар суолтатыттан, ону таһынан оҕону кытары атах тэпсэн олорон ирэ-хоро сэһэргэһээри ыҥырар эбит. Ол курдук Евдокия Егоровналаах дьиэлэригэр сылдьыбыппын, минньигэс аһылыгын, үгүс кинигэлээх бибилэтэкиэтин билигин да умнубаппын.
Мин дьылҕабар Евдокия Егоровна ийэм кэннэ иккис күндү киһибинэн буолбута. Ол дьалхааннаах 90-с диэн ааттанар сылларга мин олус истигэнэ суох оҕо буоламмын, кылаас оҕото үксэ биир сыл дэриэбинэҕэ хаалан ол бүрүүкээбит кэм уостарын, уоскуйарын кэтэһиэх буолбутун үрдүнэн, Дьокуускайга кэлэн үөрэххэ киирбитим. Уустук, кырыымчык кэмҥэ учууталым Евдокия Егоровна бэйэтин хамнаһыттан ойо тутан харчы ыытара, кыһыҥҥы сынньалаҥмар кэллэхпинэ, дьиэтигэр ыҥыран кэпсэтэрэ, сүргэбин көтөҕөрө, бөҕөргөтөрө. Ити курдук истиҥ чугас сыһыаммыт билиҥҥээҥҥэ диэри сырдык утах буолан дойдубун кытары ситимниир.
Учууталбыт дойдутун ахтылҕанын биһиэхэ кэпсээн уҕарытар эбит. Кини сайыҥҥы сынньалаҥыттан кэлэрин олус кэтэһэрбит. Харахтыын сырдаан, дьүһүннүүн тупсан кэлэрэ уонна күннээх Суоттутун, Лена өрүс кытылын, үрдүк мырааннарын, киэҥ-нэлэмэн Мүрү алааһын, хочотун туһунан кэпсээн, хаһан да өтөхтөрүттэн, түөлбэлэриттэн тэйбэтэх оҕолор, биһиги, ханна эрэ ыраах остуоруйа кэрэ сирдэригэр, буолаары буолан Дьокуускай курдук ыраах сиргэ санаабытыгар дьаарбайан кэлэрбит. Ол эмиэ үгүспүт дьылҕатыгар үтүө сабыдыаллаах буоллаҕа — туох эрэ ыраах кыламныыр сырдык сулуска талаһар кэриэтэ бары үөрэхтэнэн үлэлии-хамсыы сырыттахпыт.
Үгүс төрөппүт оҕотун биир эмэ тэтэрээтин харыстаан илдьэ сылдьара дуу? Биһиги учууталбыт баайым-дуолум диэн үөрэппит оҕолорун тэтэрээттэрин бүөбэйдээн илдьэ сылдьарын көрөн олус уйадыйбытым. Онно мин тэтэрээттэрим, суругум-бичигим эмиэ баар эбит. Бу маны барытын Евдокия Егоровна кыргыттарбар, оҕолорбор, сиэннэрбэр хаалларар өйдөбүнньүгүм диэбитэ. Дьэ, мин ол 12-13 саастаах оҕочоос, арай, «Зонт для двоих» диэн киинэни ырытан суруйбуппун. Ол саҕанааҕы учуонай киһи олоҕун, тапталын туһунан анаарбыппын, кириитикэлээн кууһургаппыппын уонна түмүгэр тыйыс соҕус ылбат да, биэрбэт да курдук: «Уважай всех, но люби одного!» — диэбит эбиппин…Арай билигин ол киинэни хос көрөн баран туох диэм эбитэ буолла диибин.
Учуутал оҕо дьылҕатыгар суолталаах дииллэрэ миэхэ кураанах тыллар буолбатахтар. Ол курдук I Күүлэт орто оскуолатыгар бастакы учууталбынан Капитонова Христина Степановна курдук ураты эйэҕэс, холку учууталлаах этим. Өрүү имэрийэ-томоруйа, барыбытын харыстыы, хаххалыы сылдьара, дьарыйбакка өрүү кыра кыыһырсыылары, кыҥкыйдаһыылары күөртээбэккэ эйэлэһиннэрэн илдьэ сылдьара. Кэлин Евдокия Егоровна, Марина Трофимовна Гоголева, Тамара Егоровна Соловьева, Мария Яковлевна Федорова курдук ааттаах-суоллаах учууталларга дьарыгыран олоххо бигэ үктэллэннэхпит.
Евдокия Егоровна, атын да учууталларым мин сурукка-бичиккэ холонууларбын бастакынан ааҕан сүбэ-соргу биэрэн, хайҕаан да, араас бэлиэтээһиннэри да оҥорон билиҥҥэ диэри миэхэ үтүө аргыс буолан сылдьалларыттан дьоллоохпун.
Евдокия Егоровна билигин да үлэни өрө тутан сылдьар. 83 хаарын ууллардар да, Бүлүү куорат бибилэтиэкэтин биир көхтөөх ааҕааччыта, үгэһин илдьэ сылдьан бэлиэтэниитин күн аайы күннүгэр сурунар, олорор дьиэтин подьеһын, тэлгэһэтин дьаһайан, сууйан-сотон олохтоохтортон махтал ылыан ылар.
Учууталым дьиҥэр Арассыыйа таһымнаах учууталын албан аатын ылыан сөп этэ да, сэмэйэ да бэрт, биһиги да үөрэнээччилэр сааһыран баран кини биэрбит билиитигэр, ардыгар сэмэлээбитигэр сөптөөх сыанабыл биэрэн эрдэхпит. Ол эрэн, Евдокия Егоровна: «Үрдүк наҕараадам диэн эһиги, үөрэнээччилэрим, ситиһиигит!» -– диэн эппиттээх. Бу 60-ча сыл тухары төһөлөөх оҕону үөрэппитэ буолуой бу Ытык Учуутал?!
Бу сааскы күҥҥэ күндү киһибин Евдокия Егоровнаны төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин уонна махталбын этэбин: итэҕэйбиккэр, эрэммиккэр! Учуутал албан аатын эйигин кытары ситимниибин. Олохтон салгыбакка, ааҕар-суруйар дьарыккын бырахпакка өссө да өр сылларга аттыбытыгар буоларгар баҕарабын!
Антонина УСКЕЕВА
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…