Евдокия Окоемова: «Сэрии диэн ыар да тыл…»
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкуруспут 63-с кыттааччыта Хаҥаластан Окоемова Евдокия Павловна:
Сэрии диэн ыар да тыл…
Хаарыан хампа хатыҥнарбыт
Ып-ыраас уулаах күөллэрбит, алаастарбыт.
Төрүттэрбит олорон ааспыт сайылыктара,
Сайдар үүнэр куораттарбыт,
Дьоһун- мааны дойдум дьоно,
Харысхал көрдүүр кэмнэрэ эмиэ тиийэн кэллэҕэ.
Халлааммыт кытары,
Хараастан, харах уутун саната
Ардаҕынан кутан ылла.
Улуу Өлүөнэ өрүспүт,
Тыйыhыра дьиппиэрдэ.
Арай мин кынаттааҕым буоллар дуу.
Кистии уктуом этэ.
Оҕолорбун, сиэннэрбин,
Дойдум дьонун барытын.
Ааҥнаан кэлбит иэдээнтэн,
Араҥаччылаан, харыстаан,
Саһыарыахпын баҕардым.
Сэрии хаҕыс салгына
Таарыйбакка аастар дуу.
Сахам хоодуот уолаттара,
Түмсэ түһэн, хомуллан,
Дойдубутун көмүскүү туруннулар сэриигэ.
Охтоохтон охтумаҥ,
Саалаахтан самнымаҥ!
Дойдугут, дьоҥҥут-сэргэҕит алгыстара
Араҥаччылыы турдун эһигини!
Харахтарын уутунан,
Суумматыннар ийэлэр.
Оһохторун уота умуллубатын,
Эдэркээн ыаллар.
Сэрии тулаайахтара диэн ааты,
Сүкпэтиннэр кырачааннар.
Кыргыс, сэрии толоонуттан,
Төнүннүннэр кыайыынан!
Аал уоппут оттуллан,
Иччилэннин алаһа дьиэбит.
Оҕо саҥата чугдаардын,
Оһуохай тыла дьиэрэйдин!
Дойду, дойду аайытын
Уруй айхал дуорайдын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: