Евдокия Попова сахалыы ырысыаптардаах видео-кинигэтэ сүрэхтэннэ

Share

Этно блогер, урбаанньыт, «Уютно» иһит маҕаһыын хаһаайката Евдокия Попова бырааһынньыгы уонна күннээҕи да остуолу киэргэтэр минньигэс астардаах үһүс кинигэтэ бүгүн, олунньу 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи Медиакииҥҥэ сүрэхтэннэ.

Пресс-кэмпириэнсийэни продюсер Елена Аммосова олус сэргэхтик  ыытта. Ону таһынан  хаартыскаҕа түһэрээччи Кэрэли уонна   кинигэ дизайнера Тимир Кириллиннэр кыттан, киэҥ кэпсэтии таҕыста. Кинилэр кинигэҕэ хайдах ылсан үлэлээбиттэрин туһунан кэпсээтилэр.

Евдокия Попова ас астааһыҥҥа хайыы үйэ үһүс кинигэтэ ((Я+мама=вкусная еда”, “Осенние заготовки”, “Готовим с Евдокией”). «Буруолуу сылдьар» «Офсет» типографияҕа бэчээттэммит   торт уонна десерт ырысыаптарыгар аналлаах “Минньигэс”  интерактивнай кинигэ 150 лиистээх,  хас биирдии ырысыап хаачыстыбалаах кырасыабай хаартыскаларынан ситэриллибит, ону сэргэ ырысыаптары видеоҕа көрүөххэ сөп.

Икки оҕо амарах ийэтэ сахалыы тыллаах блогердартан биир саамай элбэх ааҕааччылаах, көрөөччүлээх, ол эбэтэр социальнай ситимнэргэ  65 тыһыынча сурутааччылаах. Аһылыгы астыырга уопсайа 18 000  кинигэни атыылаабыт.

Евдокия кинигэ бэчээттээһиҥҥэ хайдах ылсыбытын туһунан ыйытыыга дьон махталыттан, үтүө тылыттан уонна тиһигин быспакка  киирэ турар  сакаастартан  санаата кынаттанан, атын ас арааһын астыырга, остуолга киэргэтэн уурарга ылсыбытын туһунан кэпсээтэ. Кини онлайн-бырайыактарын атыылаан, «Уютно» диэн иһит маҕаһыынын арыйбыта.

2016-2022 сылларга кондитер быһыытынан үлэлээбитим. Бу сыллар тухары хомуйбут, мунньубут  ырысыаптарбын, билиибин, үөрүйэхпин түмэн оҥордум. Ол билиим халтайга хаалыан баҕарбакка,  дьон-сэргэ туһанарын курдук оҥордум. Ырысыаптар да судургулар. Холобур, хоту ыраах олорор дьон ырысыап састаабын барытын толору булар кыахтара суох. Онон, өйдөнүмтүө уонна хас биирдии киһиэхэ табыллар ырысыаптары киллэрдим.  Онон, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр кинигэ буолуон баҕарабын. Сахалыы толкуйдаан, өбүгэ үгэһин үйэтитэргэ сэмэй кылааппын киллэрэрбиттэн үөрэбин», — диэн  “Минньигэс” кинигэ ааптара кинигэни атыылаһарга, тускутугар туһанарга ыҥырда.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Евдокия олоҕун аргыһа, баар-суох көмөлөһөөччүтэ кинигэҕэ үлэлэспит уонна бүгүҥҥү ыалдьыттарга махтанна. Ону сэргэ Евдокия оҕолоро, төрөппүттэрэ, аймахтара кэлэн кини үөрүүтүн үллэһиннилэр.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago