Салгыы
Евгений Федоров: «Быйылгы быыбар ураты тыыннаах буолуо»

Евгений Федоров: «Быйылгы быыбар ураты тыыннаах буолуо»

17.06.2023, 17:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

2023 сылга былаас араас таһымнаах бэрэстэбиитэллэрин талыы улахан быыбара аны күһүн балаҕан ыйын 10 күнүгэр буолара быһаарылынна. Кэнники сылларга Биир кэлим куоластыыр күн диэни киллэрдилэр, онон Ил Түмэн бэс ыйын 9 күнүгэр Ил Дарханы уонна норуот дьокутааттарын талыы быыбарын туһунан быһаарыы ылыммыта. Бүгүн итинэн сиэттэрэн СӨ Быыбар киин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоровтыын кэпсэтиини таһаарабыт.

– Евгений Николаевич, быйылгы быыбар хампаанньата хайдах барыай?

– 2023 сылга өрөспүү­бүлүкэҕэ 60-тан тахса быыбардыыр хампаанньа былааннанар, ол иһигэр Ил Дарханы, Ил Түмэн уонна Дьокуускай куорат Дууматын, Нерюнгритааҕы дьокутааттар оройуоннааҕы сэбиэттэрин дьокутааттарын, 9 улуус баһылыгын итиэннэ 21 оройуон сэбиэтин дьокутааттарын талыахтара. Онон, быйыл олус киэҥ хабааннаах, улахан суолталаах быыбардыыр хампаанньа барара күүтүллэр.

– Быыбар хамыыһыйалара хайдах үлэлииллэрий?

– Биһиги соторутааҕыта урукку састаап боломуо­чуйата бүтэринэн сибээс­тээн, 785 ­учаастактааҕы быыбар хамыыһыйатын саҥа састааптарын тэрийбиппит. Уопсайынан, күһүҥҥү быыбарга барыта 7000 кэриҥэ киһи үлэлиэхтээх. Ол иһигэр 6434 киһи учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар чилиэт­тэрэ. Бу хамыыһыйаларга Саха сиригэр үлэлиир 10 бэлитиичэс­кэй баартыйа, итини таһынан уопсастыбаннай тэрилтэлэр, олохтоох бэ­­йэни салайыныы бэрэстэбии­тэллээх уорганнарын, кэлэк­тииптэр, о.д.а. бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр.

Соторутааҕыта Ил Түмэн быыбарыгар биир мандааттаах уокуруктар быыбардыыр хамыыһыйаларын чилиэннэрэ анаммыттара. Ол курдук 17 уокурук учаастагар чи­­лиэннэр ананнылар. Бу быыбарга 35 территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа, 790 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа үлэлиэ. Итиэннэ 18 территориальнай быыбардыыр хамыыһы­йаҕа биир мандааттаах уокуруктар быыбардыыр хамыыһыйаларын боломуочу­йата сүктэрилиннэ.

БИЛИҤҤИТЭ СЭТТЭ ХАНДЬЫДААТ ТУРДА

– Бэлитиичэскэй баартыйалар Ил Дархан быыбарыгар хайдах кыттан эрэллэр?

– Быыбар күнэ биллэриллээтин кытары, бэлитиичэскэй баартыйалар өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быыбарыгар кыттарга хамсанан барбыттара. Бэс ыйын 10 күнүттэн кинилэр бары бу быыбарга бэйэлэрин хандьыдааттарын туруорар бырааптаахтар. Кинилэри кытары биһиги ыкса үлэлэһэбит. Бу күннэргэ ол курдук өрөспүүбүлүкэ баһылыгар хандьыдааттары – сэттэ киһи аатын биллибит. Ил Дархаҥҥа хандьыдааттары туруоруу от ыйын 9 күнүн 18:00 ч. диэри барыа. Сокуон ирдэбилинэн бу бэлитиичэскэй баартыйаттан туруоруллубут хас биирдии хандьыдаат бэйэтин туһатыгар муниципальнай оройуоннар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын уонна нэһилиэктэр баһылыктарын бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын сөптөөх ахсааннаах илии баттааһыннарын хомуйуохтаах.

– Онтон кэлэр түһү­мэх?..

– Сокуон быһыытынан, биһиги быыбар анаммытын кэннэ, уон күн иһигэр быыбардыыр учаастактарга куоластааһыны хас күн ыытары быһаарыахтаахпыт. Билигин күһүҥҥү быыбардар тэрээһин боппуруостара бары таһымҥа ыытыллаллар, ол курдук быыбар хамыыһыйаларын үлэ­лиир дьиэлэрэ-уоттара, туттар оргтиэхиньикэлэрин, ты­­рааныспардарын, видеонан кэтээһин боппуруостарыттан саҕалаан бүлүтүөн бэчээттээһинигэр тиийэ быһаарыллаллар.

Сокуон быһыытынан, быыбар буолуо 28 күн иннинэ сонуну киэҥник тарҕатар маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ, ол эбэтэр хаһыатынан, ­араадьыйанан, тэлэбиидэнньэнэн аҕытаассыйа саҕаланыа.

Ил Түмэҥҥэ быыбар туспа уратылаах. Бэйэлэрэ туруоруммут дьон бэс ыйын 10 күнүттэн бэйэлэрин баҕаларын биллэ­риэхтэрин сөп. Оттон бэлитиичэскэй баартыйа туруорар буоллаҕына, хандьыдааты туруо­рарга быһаарыы ылынарга мунньахтыырын туһунан биһиэхэ биллэриэхтээх. Ирдэбил быһыытынан бэйэлэрэ туруоруммут дьон уонна илии баттааһынтан босхоломмотох баартыйалар сөптөөх ахсааннаах илии баттааһыны хомуйуохтаахтар, холобур, биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка регистрацияламмыт быыбардааччылар 3%-рын илиилэрин баттааһыннарын ылыахтаахтар. Бу сыыппаралары эмиэ биһиги бигэргэтиэхтээхпит. Маны таһынан, хас биирдии хандьыдаат «Госуслуги» портал нөҥүө бу илии баттааһын ах­­сааныттан бэйэтин туһатыгар 20 %-ҥа диэри илии баттааһыны хомуйар бырааптаах.

«МУНИЦИПАЛЬНАЙ СИИДЭЛЭЭҺИН»

– Бу иннинэ бэлитии­чэс­кэй баартыйалар бэрэс­­тэбиитэллэрин кытта көрсүбүккүт, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быыбарыгар «Новые люди» баартыйа «муниципальнай сиидэлээһини» ааһар кыахтаах дуо?

– Биһиги бэлитиичэскэй баартыйалары кытары тиһиктээхтик үлэлиибит. Тиһигин быспакка мустабыт. Бэлитиичэскэй баартыйа­лар Саха сиринээҕи салааларын үгүс салайааччыларын тус бэйэм билэбин. Киин быыбар хамыыһыйатыгар Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи салаалара баар баартыйалар үптэрин отчуотун мэлдьи туттараллар. Биһиги кинилэри кытары үлэлиибит. Баартыйалар лиидэрдэригэр быыбар бары процедураларыгар сүбэнэн көмөлөһөбүт, онон кинилэр биһиэхэ араас хабааннаах боппуруостарынан мэлдьи сылдьаллар.

Быыбарга докумуоннары толорууга чуолкай ирдэбиллэр бааллар. Ону сыыһа толороннор төһө элбэх ак­­каас, быыбартан устуу баара. Ити өттүнэн биһиги бу буолаары турар быыбарга докумуоннары хайдах толорору быһаарбыппыт.

Эн ыйытыыгар эппиэттээтэххэ, «Новые люди» баарты­йаттан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быыбарыгар хандьыдааты туруорабыт диэн иһитиннэрии биһиги хамыыһыйабытыгар киирэ илик.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быыбарыгар “муниципальный сиидэлээһин” федеральнай сокуона көрүллүбүтэ. Бары субъектарга баар, ол гынан баран барытыгар бырыһыан араастаһар. Биһиэнэ саамай демократичнай хабааннаах диэххэ сөп – биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ сокуонун бэрээдэгинэн 5%, ол эбэтэр 27 оройуоҥҥа 257 илии баттааһын баар буолуох­таах. Кинилэртэн 36-та оройуон таһымнаах – оройуон баһылыктара эбэтэр оройуоннааҕы сэбиэттэр дьокутааттара буо­луохтаахтар. Онтон атына – поселение баһылыктара уонна дьокутааттара.

БЫЫБАРДАР ОЛУС ИНТЭРИЭҺИНЭЙ, ТЫҤААҺЫННААХ БУОЛАЛЛАР

– Быйылгы быыбардыыр хампаанньа уратыта тугуй?

– Бу быыбардар уратылара диэн, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин улахан быыбарын иннигэр ыытыллара буолар. Балаҕан ыйынааҕы Ил Дархан уонна норуот дьокутаат­тарын быыбара – ураты суол­талаахтар. Манна инникитин бэйэтин федеральнай быыбарга көрдөрүөн баҕарар хас биирдии бэли­тиичэскэй баартыйа кыттыаҕа. Быыбарга ханнык бэлитиичэс­кэй баартыйалар кытталларын туһунан билигин этэр уустук. Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр 20 бэлитиичэскэй баартыйа салаата үлэлии олорор.

Аан дойду бэлиитикэтигэр буола турар дьайыы, анал байыаннай эпэрээссийэ дойду иһинээҕи балаһыанньаҕа олус улахан сабыдыалы оҥороллор.

Биһиги уратыбыт өссө элбэх быыбардааччыбыт ыраах уонна уустук суоллаах-­иистээх сирдэргэ олороро буолар. Онно барыта 8 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор – булчуттар, балыксыттар, метеорологтар, табаһыттар, сылгыһыттар, байыаннайдар, сиртэн хостонор баайы хостооччулар, күһүнүн отчуттар эбиллиэхтэрэ. Бу барыта араас таһымнаах быыбардарга кыттааччылар. Биһиги биир сорукпут – бу салааларга үлэлиир Саха сирин бары олохтоохторо күһүҥҥү быыбарга кытталларын тэри­йии.

Биһиги быыбар элбэх быыбардааччы кыттыылаах күрэс­тэһиилээхтик, чиэһинэйдик, аһаҕастык, киэҥник барарын туһугар үлэлиибит. Түгэнинэн туһанан, биһиги хамыыһы­йабыт телеграм-ханаалыгар https://t.me/cik_yakutia суруттаран сонуннары билэ-көрө олороргутугар ыҥырыам этэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 11°C
  • Ощущается: 9°Влажность: 43% Скорость ветра: 6 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: