Евгений Федоров: «Быйылгы быыбарга кыттыы көхтөөх буолуо»
Сотору кэминэн биһиги Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин талыахпыт. Быыбар кулун тутар 15-17 күннэригэр ыытыллыаҕа. Биһиги быыбар хампаанньата хайдах баран иһэрин, туох үлэ бара турарын туһунан СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоровтыын кэпсэттибит.
– Евгений Николаевич, олунньу 17 күнүттэн маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ быыбар агитацията саҕаланна. Быйылгы быыбарга бэлэмнэнии хайдаҕый? Быыбар хайдах барыаҕай?
– Биһиги дойдуга буолар олус улахан суолталаах быыбар хампаанньатын, бэлитиичэскэй тэрээһини тэрийээччилэр буоларбытын өйдүүбүт. Бу билиҥҥи уустук кэмҥэ икки төгүл эппиэтинэстээх түгэн буолар. Тас дойдулар өттүлэриттэн, үгэс курдук, араастаан киирии-тахсыы, үтэн-анньан көрүү, атахтыы сатааһын баар буолан, иһитиннэрэр-тиэхиньиичэскэй куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турар. Быыбар хампаанньата бүтэһик түһүмэҕэр чугаһаата. Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин быыбарыгар түөрт хандьыдаат турда. Кимнээҕин хатылыы барбаппын, баартыйалар бэйэлэрин дьоһуннаах дьоннорун туруордулар, биир хандьыдаат бэйэни туруорунуу бэрээдэгинэн турда.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэр ортолоругар сэрэбиэй бырахсыы этэҥҥэ ааста. Ол курдук, маассабай иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ агитациялыыр үлэ олунньу 17 күнүттэн саҕаланна. Чуо бу күнтэн ыла Арассыыйа Бэрэсидьиэнигэр хандьыдааттарга уонна хандьыдааттары туруорбут бэлитиичэскэй баартыйаларга босхо эфирнэй бириэмэ түҥэтилиннэ.
Анаалыстааһын түмүгүнэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри ханна тиийбит сирдэринэн куоластыан баҕарааччы киһи ахсаана 50 тыһыынчаҕа тиийиэ диэн сабаҕалыыбыт.
– Бүлүтүөннэри номнуо бэчээттээн таһааран бэлэмнээтэххит?
– Биһиги бэйэбит боломуочуйабытынан бүгүҥҥү күҥҥэ оройуоннарбытыгар быыбар докумуоннарын ыыталаан саҕалаатыбыт. Улуустарга тиийиэхтээх быыбардыыр бүлүтүөннэри бэчээттээһин бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Билигин Дьокуускай куорат быыбардааччыларын ахсааннарынан бүлүтүөннэри оҥорон таһаарыы уонна быыбар бүлүтүөннэрин обработкалыыр комплекска (КОИБ) кээмэйэ атын буолан, онно сөптөөх бүлүтүөннэри бэлэмнээһин барыаҕа. Кэлэр бэнидьиэнниктэн ити бүлүтүөннэри оҥоруохпут. Ити курдук өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар бүлүтүөннэри тириэрдиини түмүктээтибит. Быыбар докумуоннарын, биллэн тутар, анал дуогабардаах кииннэммит тэрилтэ – «Спецсвязь» тэрилтэ нөҥүө 20 араас докумуон тиэрдилиннэ. Биһиги быыбардыыр учаастактарбыт үлэһиттэрэ бары анал бэлэмнэниини аастылар. Билиҥҥитэ быыбар хамыыһыйатын учаастактарыгар быыбардааччылар ханна тиийбиттэринэн куоластыыр быраабы ылалларыгар сайабылыанньалары ылыы бара турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ итинник ханна тиийбит сирдэринэн куоластыан баҕарааччы 7580 киһиэхэ тиийдэ. Бу сыыппара куоластааһын буолуо түөрт күн иннинэ чопчу биллиэҕэ, онно сайаапкаларынан маннык куоластыыр дьон ааттара-суоллара чуолкайданан испииһэккэ киириэҕэ. Анаалыстааһын түмүгүнэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри ханна тиийбит сирдэринэн куоластыан баҕарааччы киһи ахсаана 50 тыһыынчаҕа тиийиэ диэн сабаҕалыыбыт. 2018 с. буолбут Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 70% кыттыбыта, быйылгы быыбарга кыттыы даҕаны үрдүк көрдөрүүлээх буолуо диэн эрэнэбит.
– «ИнформУИК» бырайыак чэрчитинэн быыбардааччыларга дьиэлэринэн сылдьан иһитиннэрии туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Быйылгы быыбар хампаанньатын тэрийии биир сүрүн үлэтинэн «ИнформУИК» бырайыак чэрчитинэн быыбардааччыларга олорор дьиэлэринэн, кыбартыыраларынан кэрийэ сылдьан дойду бэрэсидьиэнин быыбарын туһунан иһитиннэриини оҥоруу буолар. Олунньу 17 күнүттэн быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрэ нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр-сырдатар үлэни ыытыыны саҕалаабыттара. «ИнформУИК» – киэҥ далааһыннаах бырайыагынан буолар. Манна бары быыбардыыр хамыыһыйалар кытталлар, барыта 2649 киһи дьиэнэн сылдьан үлэлиэҕэ. Бу туһунан иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэр, биһиги бэйэбит телеграмм-ханаалбыт, социальнай ситимнэрбит нөҥүө даҕаны элбэхтик сырдаттыбыт. Быыбар туһунан иһитиннэриини оҥорор учаастактааҕы хамыыһыйа чилиэннэрэ бары анал үөрэҕи ааспыттара. Бастакы икки күн туругунан ыллахха, субуотаҕа 1705 киһи, иккис күн өрөбүл буолан, анаан аҕыйатан 1387 киһи тахсан үлэлээтэ. Инньэ гынан бу икки күн эрэ иһигэр 12 % олорор дьиэни хабан, аадырыстаах иһитиннэриини оҥордубут. Быыбардааччыларга сүрүннээн кулун тутарга ыытыллар дойду Бэрэсидьиэнин быыбарын хампаанньатын уонна куоластааччылар бырааптарын, куоластааһын ханнык ньымалара баалларын, бириэмэтин туһунан иһитиннэрии оҥордулар. Биллэн турар, биһиги улаханнык долгуйбуппут, тоҕо диэтэххэ, маннык киэҥ далааһыннаах тэрээһин буолбатаҕа ыраатта, ол эрээри быыбардааччыларбыт настарыанньалара үчүгэй диэххэ сөп.
– Уустук суоллаах-иистээх сиргэ болдьох иннинээҕи куоластааһын хайдах ыытылларый?
– Биир сүрүн үлэбитинэн, мөлтөх суоллаах-иистээх, киһи дэбигис тиийбэт ыраах сытар сирдэригэр болдьох иннинээҕи куоластааһыны тэрийии буолар. Биһиги олунньу 25 күнүгэр, быыбар буолуон 20 күн иннинэ болдьох иннинээҕи куоластааһыны саҕалыахпыт. Маннык үлэ киирбит сайаапкаларынан өрөспүүбүлүкэ 26 оройуонугар ыытыллыаҕа. Сокуон быһыытынан, холобур, баахта бөһүөлэгиттэн тэрилтэ салайааччыта Киин быыбардыыр хамыыһыйа аатыгар эрдэттэн тустаах сайаапканы суруйан биэрэр бырааптаах. Кулун тутардааҕы быыбар федеральнай суолталаах буолан, ааспыт сыллааҕар элбэх киһи куоластыыра сабаҕаланар. Онон ыраах сытар, уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ быйыл 12 тыһыынча кэриҥэ киһи куоластыан сөп диэн ааҕан олоробут. Кинилэри биһиги 76 быыбардыыр учаастакпыт чилиэннэрэ сиринэн уонна салгын аалынан тиийэн куоластатыахтара. Биһиги үлэһиттэрбит быһа холоон ааҕыыларынан, сиринэн итинник ыраах учаастактарга тиийиилэрин устата 30000 км тахса буолуохтаах. Оттон салгын суолунан айан устата 20500 км тиийэр. Быыбардааччыларбытын 90%-рын сиринэн айаннааччылар хабыахтара. Итиннэ РФ Киин быыбардыыр хамыыһыйата сөптөөх үбүлээһини көрөн турар.
– Быыбар бүлүтүөннэрин обработкалыыр комплекстар (КОИБ) ханнык учаастактарга туруохтарай?
– Бу күннэргэ быыбар бүлүтүөннэрин обработкалыыр комплекстары ханнык учаастактарга туруорары быһааран испииһэк оҥорон бигэргэттибит. Барыта 64 КОИБ Дьокуускай куорат элбэх ахсааннаах быыбардааччылаах учаастактарыгар тыырылынна. Быыбар бүлүтүөннэрин обработкалыыр комплекстары туруоруохтаах учаастактарбытыгар быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрин үөрэттибит. Сорох учаастактарга быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрэ уларыйаннар анал бэлэмнэниини аастылар. Ити биһиги күннээҕи үлэбит буолар.
– Куттал суох буолуутугар туох үлэ барарый?
– Быыбар учаастактарыгар куттал суох буолуутун хааччыйыы эмиэ сүрүн боппуруоһунан буолар. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын таһымыгар бу кэлэр бэнидиэнньиккэ төрдүс төгүлүн быыбар учаастактарыгар куоластааһыҥҥа куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруоһугар мунньахха кыттыахтаахпын. Манна элбэх тэрилтэ, быраабы араҥаччылыыр, куттал суох буолуутун хааччыйар уорганнар, баһаарынай үлэһиттэрэ үлэлэһэллэр. Биирдиилээн ыалынан сылдьан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр-сырдатар үлэни ыытар быыбар хамыыһыйатын чилиэннэрэ анал таҥастаах, дастабырыанньалаах буолуохтара, сорох сирдэргэ кинилэри полиция үлэһитэ эбэтэр олохтоох салалта, управалар, управляющай хампаанньалар үлэһиттэрэ арыаллыахтара.
– Сибээһинэн хааччыйыы хайдах барыай?
– Быыбар учаастактарын электроэнергиянан, сибээһинэн тохтоло суох хааччыйыы боппуруоһа эмиэ хонтуруолга турар. Интэриниэтэ суох быыбардыыр учаастактарбытыгар бырамыысыланнай тэрилтэлэр вай-фай сибээһин холбоон, аадырыстаан иһитиннэриини оҥоро сылдьар дьоммутугар улахан көмө буоллулар.
Бу күннэргэ «Ростелеком» хампаанньаны кытары быыбардыыр учаастактарга видеонан быһа кэтээн көрүү камераларын холбуурга дуогабар түһэристибит. 283 быыбардыыр учаастакка видеонан быһа кэтээн көрүү туочуката холбонуоҕа. Ол аата биир учаастакка иккилии камера: куоластыыр бүлүтүөнү биэриигэ уонна быыбар докумуоннарын харайар сиргэ холбоноро былааннанар. Онон быыбар хайах баран иһэрин, Уопсастыбаннай кэтээн көрүү киинигэр кыраҕытык кэтиэхтэрэ-маныахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: