Евгений Федоров: «Быыбар үрдүк көрдөрүүлээх барыаҕар эрэнэбин»
Дойду сүрүн быыбарынан Арассыыйа Бэрэсидьиэнин талыы буолар. Кулун тутар 15 күнүгэр, дойду баһылыгын быыбарыгар куоластааһын саҕаланыа. Саха сиригэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар нэһилиэнньэ кыттыыта үрдүк көрдөрүүлээх буолара сабаҕаланар. Өрөспүүбүлүкэ үс күннээх куоластааһыны хайдах бэлэмнээх көрсүбүтүн туһунан бүгүн Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров кэпсиир.
Саха сирэ 100% бэлэмнээх
Билигин арҕаа дойдулар Арассыыйа ис бэлиитикэтигэр тиийэ орооһо сатыыр кэмнэригэр учаастактааҕы бары хамыыһыйаларбыт улахан эппиэтинэс сүктэриллибитин өйдүүллэр. Бэлэмнэнии кэмигэр ыытыллыбыт дьаһаллар итини барытын бигэргэтэллэр. Биһиги бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, быыбарга биир ыйы быһа ыытыллыбыт бэлэмнэнии үлэбит түмүктэнэр кэрдииһигэр үктэннибит. Ааспыт сыл балаҕан ыйынааҕы өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна Ил Түмэн дьокутааттарын талыы быыбарын тэрээһинин суотун-учуотун түмүктүү да иликпитинэ, ахсынньыга кэлэр сыл сүрүн быыбарыгар бэлэмнэнии саҕаламмыта. Биһиги 790 бастайааннай учаастактааҕы хамыыһыйаларбыт үлэһиттэрэ – бары уопсастыбаннай үлэһиттэр. Бу күннэргэ биһиги нэһилиэнньэбит быыбарга кыттыытын үрдүк көрдөрүүтэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ дьиҥнээхтии локомотивынан буоларын дакаастыаҕа. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду бырамыысыланнаһа сайдарыгар бэйэтин сүдү кылаатын киллэрэр эрэгийиэнинэн буолар. Барыта 21 быстах кэмнээх быыбардыыр учаастак тэриллибит буоллаҕына, онтон 16-та сир аннынааҕы баайы-дуолу, алмааһы, көмүһү, ньиэби, гааһы, о.д.а хостуур баахта бөһүөлэктэригэр аһыллан үлэлиир.
Быйыл аан бастаан 5000 кэриҥэ киһи, сокуоннай саастарын ситэн, быыбардыыр бырааптарынан туһанан гражданскай иэстэрин толоруохтара. Кинилэргэ биһиги кыра өйдөбүнньүк бэлэхтэри бэлэмнээтибит. Бу киһи дойдутун иннигэр бэриниилээх гражданин буола үүнэригэр олус суолталаах кэрдиис кэм. Хас биирдии киһи аан бастаан быыбарга кыттыбытын, куоластаабытын өйдүү-саныы сылдьар буолуохтаах.
Мобильнай быыбардааччы
«Мобильнай быыбардааччы» диэн ньыманан быыбардааччы ханна регистрацияламмытыттан тутулуга суох, ханнык баҕарар сиргэ тиийэн, куоластыыр кыахтанара буолар. Быйыл маннык куоластыан баҕалаах быыбардааччы хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх. Аан бастаан «Мобильнай быыбардааччы» диэн ньыманан 2018 сыллаахха куоластаабыттара, онно даҕаны көрдөрүү үрдүк этэ. Бүгүн алта сыл ааспытын кэннэ дьон маннык куоластыахха сөп эбит диэн өйдөөтө, онон быыбардыыр быраабын туһанан бу ньыманы көхтөөхтүк туһанар.
Биһиги «Мобильнай быыбардааччы» диэн ньыманан куоластыырга сайабылыанньалары ылыыны тохсунньу 29 күнүттэн саҕалаабыппыт уонна кулун тутар 11 күнүгэр түмүктээбиппит. Онно көстөрүнэн, маннык ньыманан 69973 киһи куоластыыр кыахтанна. Ол гынан баран, сайабылыанньаны ылыы Москва бириэмэтинэн түүн оройугар тохтотуллубут буоллаҕына, ким эмит өссө эбии киирбит буолуон сөп, онон
70000-ны ааһара буолуо диэн сабаҕалыыбын. Бу дьонтон 63000-та бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит иһинээҕи дьон, ханна тиийбит сирдэринэн куоластыахтара. 8000 киһи – өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сылдьар биһиги биир дойдулаахтарбыт. 382 киһи Саха сириттэн быыбардааччы испииһэгиттэн тахсан, атын дойдуларга тиийэн куоластыахтара. Санатан эттэххэ, 100-н тахса дойдуга аан дойдутааҕы сөбүлэһиинэн, посольстволарга, консульстволарга тиийэн куоластыыллара көҥүллэнэр, онно сөптөөх тэрээһин үлэтэ ыытыллар. Сүрүннээн, сынньана барбыт дьон итинник ньыманан куоластыахтара. Холобур, Тайлаҥҥа икки сиргэ – Пхукекка уонна Бангкокка куоластыыр сир баар.
«ИнформУИК» – саҥа сүүрээн
Быйылгы быыбар хампаанньатын тэрийии биир сүрүн үлэтинэн «ИнформУИК» бырайыак чэрчитинэн быыбардааччыларга олорор дьиэлэринэн, кыбартыыраларынан кэрийэ сылдьан дойду бэрэсидьиэнин быыбарын туһунан иһитиннэриини оҥоруу буолар. 790 быыбардыыр учаастакпыт 2649 чилиэнэ хас биирдии ыалы кэрийэ сылдьан буолаары турар быыбар туһунан, хаһан, ханна, хайдах куоластыахха сөбүн туһунан кэпсээтилэр, испииһэги чопчулаатылар. Биһиги дьоммут 300-чэ тыһыынча дьиэҕэ сылдьан 450 тыһыынча кэриҥэ киһиэхэ быыбар туһунан кэпсээтилэр. Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ быыбардааччыларын 70% хаптылар, хас биирдии иһитиннэриини оҥорбут учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэнэ быһа холоон 112 кыбартыыраҕа уонна чааһынай дьиэҕэ сырытта. Мантан көстөрүнэн, 9676 киһи дьиэлэригэр олорон куоластыахтарын баҕаралларын, оттон атыттар, үгэс быһыытынан, быыбардыыр учаастактарга баран куоластыылларын эппиттэр.
Түгэнинэн туһанан, быыбардааччыларбытыгар биһиги хамыыһыйаларбыт чилиэннэрин итэҕэйэннэр, ааннарын аһан, киллэрэн кэпсэппиттэрин иһин махталбын тиэрдэбин. Итинэн сибээстээн бу быыбарга көрдөрүү балачча үрдүк буолуо диэн өйдүөххэ сөп.
Болдьох иннинээҕи куоластааһын
Саха сирин 26 оройуонугар – 370 кытыы сытар, уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ, баахта бөһүөлэктэригэр, ыстаадаларга, о.д.а. болдьох иннинээҕи куоластааһын ыытылынна. Онон болдьох иннинэ 12 тыһыынчаттан тахса киһи куоластаата, бу олус үчүгэй көрдөрүү. Биһиги учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаларбыт чилиэннэрэ бураанынан, бөртөлүөтүнэн, снегоходынан, араас тиэхиньикэнэн айаннаан тиийэн куоластааһыны ыыттылар.
Быыбар аһаҕастык барыа
Биһиги сүрүн сорукпут – быыбар сокуонун ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн куоластааһыны аһаҕастык, дьэҥкэтик ыытыахтаахпыт, тэрийиэхтээхпит. Бүгүн биһиги 283 куоластыыр сиргэ быһа кэтээн көрөр видеокамералары туруордубут, биир учаастакка иккилии камера: куоластыыр бүлүтүөнү биэриигэ уонна быыбар докумуоннарын харайар сиргэ холбонно. Онон быыбар хайдах баран иһэрин, Уопсастыбаннай кэтээн көрүү киинигэр кыраҕытык кэтиэхтэрэ-маныахтара. Оттон атын 507 учаастакка видеофиксацияны оҥоруохтара. Үс күнү быһа суукканы эргиччи куоластааһын хайдах барара уһуллуоҕа.
Саха сиригэр Бэрэсидьиэн быыбарын түмүгэ дойду бүтүннүү куоластаабытын кэннэ биллиэҕэ. Саха сиригэр быыбар аан бастаан Халыма-Индигир уокуругар түмүктэниэҕэ, онтон Дьааҥы бөлөҕүн улуустара, киин улуустар бүтүөхтэрэ. Ол кэннэ дойдубут саамай арҕааҥҥы туочуката – Калининград уобалаһа куоластаан бүттэҕинэ эрэ, ол аата биһиги олохтоох бириэмэбитинэн түүн 3 чаас кэннэ, биллиэҕэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ быыбар барыллаан түмүгүн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата кулун тутар 18 күнүгэр сарсыарда 6-7 чааска таһаарара былааннанар. Бу күн өрөспүүбүлүкэ территориятыгар быыбар түмүгүн боротокуолугар СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын чилиэннэрэ илии баттыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: