Евгений Григорьев: «Автовокзалы куорат таһыгар көһөрүөхпүт»

Евгений Григорьев: «Автовокзалы куорат таһыгар көһөрүөхпүт»

07.09.2024, 15:03
Ангелина Васильева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 392 сылыгар мээр Евгений Григорьев үгэс буолбут пресс-кэмпириэнсийэни ыытта.

Суруналыыстар куорат кыһалҕатынан араас ыйытыылары биэрдилэр.
Ленин проспегар саҥа оҥоһуллубут аспаал суол сиҥнибитин туһунан ыйытыыга маннык хоруйдаата:
Бу сир иккис төгүлүн сиҥнэр. Чугаһынан баар коллекторга уу киирбит. Ханан эрэ сир аннынааҕы уу киирэр эбит. Онон билигин коллектор истиэнэтин бөҕөргөтөргө үлэ ыытыллар. Армированнай сиэккэнэн, тимир-бетон матырыйаалынан барыта үчүгэйдик оҥоһуллуоҕа.

‘»Куоракка соторутааҕыта 19 саҥа оптуобус бэриллибитэ. Былырыын оптуобустар айаннарын маршрута уларыйбыта. Билигин балаһыанньа хайдаҕый?» — диэн ыйытыыны биэрдилэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 260 оптуобус сүүрэ сылдьар. Аҥаардара — «ПАЗиктар». Кыһыл өҥнөөх саҥа оптуобустар сүрүннээн куорат таһыгар сылдьаллар. Лизинговай бырагырааманан ылыллыбыт тырааныспар төлөбүрүгэр ыарахаттар бааллар. Оптуобус сыаната үрдээтэ, былырыын 8 мөлүйүөн эбит буоллаҕына, билигин 15 мөлүйүөн солкуобай буолла. Маршруттары саҥардарга — урут-уруккуттан сүүрэр маршруттар бааллар. Ону уларыта охсор табыгаһа суох. Күһүн саҥа аукциону ыытыахпыт, бу саҥардыы бырагырааматын бастакы түһүмэҕэ.
Мин урбаанньыттары кытта элбэхтик көрсөбүн, онно кыһалҕалары быһаарарга үлэлиибит.
Иккис түһүмэҕэр — автовокзалы куорат таһыгар таһаарыахпыт. Манан айан сыаната түһэрин ситиһиэхпит. Билигин айан толуйуллар субсидиятын сыаната үрдүк, ону намтатыахпыт, — диэн мээр хоруйдаата.

+1
3
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: