Евгений Никифоров: «Үлэһиттэргэ сөптөөх усулуобуйа оҥоһулуннаҕына — үлэ таһаарыылаах буолуо»
Бүгүҥҥүттэн Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын сийиэһэ саҕаланна. Ол туһунан Хаҥалас улууһун Ой сэлиэнньэтин ИП «Никифоров» салайааччыта Евгений Никифоров санаатын үллэстэр:
— Биһиги саха сылгытын иитэбит. «Дьиэ кэргэн хаһаайыстыбата» салаанан грант ылбыппыт. Онон бырайыак быһыытынан сылгыһыттарбыт баазаларыгар гаас киллэриэхтээхпит уонна сир оҥоруутугар тыраахтар ылыахтаахпыт. Биһиги бурдукка уонна өр сыллаах окко үлэлэһэбит.
Билиҥҥитэ 1846 төбө сылгылаахпыт. Ону аһатарга, оттуурга элбэх сир наада. Ол иһин кыра сиргэ элбэх сыллаах оту ыһан, онтон элбэх оту ыларга суоттанабыт.
Билигин үлэһиттэрбит олорор усулуобуйаларын тупсарыыга ылсан эрэбит. Сылгыһыт ыраас, сылаас дьиэҕэ олордоҕуна, үлэтэ даҕаны таһаарыылаах буолуо.
Сийиэс тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар саҥа хайысхалары аһарыгар олус туһалаах дии саныыбын. Онон фермердэр кыттыахтарын наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: