Евразия суруйааччыларын сойууһа Николай Лугинову эҕэрдэлиир

Share

Турцияттан Евразия суруйааччыларын сойууһа Саха сирин народнай суруйааччытын, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлин, Аан дойдутааҕы Түүрдэр Академияларын чилиэнин Николай Лугинову 75 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиир.

Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Якуп Омероглу бэйэтин эҕэрдэ суругар бэлиэтээбитинэн, Николай Лугинов аата Евразия бары дойдуларыгар иһиллэр. “Николай Лугинов аата аҥардас Арассыыйаҕа эрэ буолбакка бүтүн Евразия дойдуларын норуоттарыгар элбэхтэ иһиллэр. Кини айымньылара аан дойду үгүс тылынан тылбаастанан таҕыстылар”, — диэн этэр кини.

Якуп Омероглу Николай Алексеевич айымньыларыгар дьылҕа, норуоттар, дойдулар сыһыаннаһыылара бүтүн түүр омук олоххо көрүүтүн арыйалларын бэлиэтээн этэр. “Кини кэпсээннэригэр, сэһэннэригэр, арамааннарыгар аҥардастыы киһи дьылҕатын эрэ буолбакка, дойдулар, дьоннор, норуоттар сыһыаннаһыыларын бэрт арылхайдык бөлүһүөктүү арыйан көрдөрөр. Түүр тыллаах омук кини айымньыларын нөҥүө Чыҥыс Хаан, улуу хууннар олорон ааспыт олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин, үгэстэрин, муударастарын, олоххо көрүүлэрин саха киһитин хараҕынан саҥалыы арыйан көрөбүт. Ол нөҥүө саха омук култуурата, олоҕу көрүүтэ, муудараһа эмиэ арыллар”, — диэн иһитиннэрэр кини.

Николай Алексеевич, эйигин бу үөрүүлээх күҥҥүнэн бүтүн түүр тыллаах суруйааччы доҕотторуҥ ааттарыттан эҕэрдэ ыытабыт”, — диэн иһитиннэрэр Евразия суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Якуп Омероглу.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: »Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago