Фашизмы утарар пуорум кыттыылаахтара резолюция ылыннылар
Ахсынньы 8 күнүгэр Саха сиригэр Бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утарар пуорум буолбута. Пуорум кыттааччылара резолюцияны ылыннылар.
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирэ бастакынан фашизмы утарар пуоруму ыыппытын бэлиэтээтэ.
— Неофашизмы утары охсуһууну Арассыыйа Украинаҕа быһаарар соруга. Маннык пуорумнары ыытан, биһиги дьон кырдьык туһунан толкуйдуурун ситиһэбит. Пуорум соруга — Саха сирин олохтоохторун фашизмы утары охсуһууга түмүү. Бу соругунан эһэлэрбит Аҕа дойду сэриитигэр кыргыспыттара. Саха сирин олохтоохторо, хаһан да буоларын курдук, дойдуга ыарахан кэмнэргэ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр бастакы кэккэлэригэр буолаллар. Биһиги дьыалабыт сөптөөх! Биһиги кыайыахпыт! — диэн кини эттэ.
Бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утарар пуорум кыттааччылара резолюцияны ылыннылар. Бу резолюцияҕа дойду, эрэгийиэннэр, муниципалитеттар салалталарын идеологическай фрону күүһүрдэргэ, дьиҥнээх историческай кырдьыгы көмүскүүргэ, устуоруйаны уларытары утары охсуһарга, дьоҥҥо сырдатыыны күүһүрдэргэ, киинэни, анимацияны, кинигэни таһаарыыны, ускуустубаны сайыннаран, дойду култуурунай суверениетын кэҥэтэргэ, о.д.а. ыҥырдылар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: