Салгыы
Фашизмы утары – бары бииргэ!

Фашизмы утары – бары бииргэ!

05.11.2024, 21:29
Сайаана Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи II пуорум чэрчитинэн Бырабыыталыстыба дьиэтигэр «төгүрүк остуол» буолан ааста.

Тэрээһиҥҥэ байыаннай дьайыы байыастара, уопсастыбанньыктар, ыччат лиидэрдэрэ, волонтердар уонна оҕо хамсааһынын актыбыыстара кытыннылар. «Төгүрүк остуолу» култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ, пуоруму тэрийэр кэмитиэтбэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Афанасий Ноев уонна СӨ Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Станислав Иванов иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Бу тэрээһин сыалынан-соругунан фашизмы кытта охсуһуу идеяларын тула саха норуота түмүү буолар. Бүгүн тыл эппит үгүс дьон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэбиэскэй норуот кыайбыта 79 сылын туолбутун кэннэ, киһи аймах эмиэ фашизм курдук сидьиҥ быһыыны көрүстэ диэтилэр.  Бу ХХI үйэ «чумата», АХШ уонна НАТО салайыыларынан күөртэннэ диэн бэлиэтээн эттилэр.

Тэрээһин саҕаланыытыгар Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнин иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Фашизмы утары пуорум тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Федотов тыл эттэ. Кини Фашизмы утары пуорум сүрүн сыалынан-соругунан билиҥҥи кэмҥэ күөрэйэн кэлбит фашизм аан дойдуга дьиҥнээх кутталы үөскэтэрин сэрэтии буолар диэн бэлиэтээтэ.

«Бэҕэһээ Сомоҕолоһуу күнүгэр кэнсиэрт буолан ааста. Бу «Мы есть мы» вокальнай ансаамбылы уонна анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытын Илиҥҥи байыаннай уокурук хамандыырын байыаннай бэлитиичэскэй үлэҕэ солбуйааччыта генерал-лейтенант Роман Греков аҕалла. Бу ансаамбылга анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыаннай эппиһиэрдэр, саллааттар бааллар. Бэҕэһээҥи кэнсиэрди Саха сирин олохтоохторо олус биһирээтилэр. Бу ансаамбыл былырыын улахан кимэн киирии кэмигэр биһиги байыастарбыт бойобуой тыыннарын бөҕөргөтөргө улаханнык көмөлөһөр. Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев ансаамбылы онно таба көрөн пуорумҥа кыттарга ыҥырбыта. Оттон Фашизмы утары пуорум сүрүн сыалынан-соругунан билиҥҥи кэмҥэ күөрэйэн кэлбит фашизмы утары норуот хамсааһынын көҕүлээһин, кутталы үөскэтэрин өйдөтүү буолар», — диэтэ Андрей Федотов.

Салгыы «Фашизм бэҕэһээ уонна бүгүн. Арҕаа дойдулар аныгы фашизм сайдарыгар оруоллара»  диэн тиэмэнэн Запорожскай уобалас губернаторын солбуйааччыта, Москва куоракка баар бэрэстэбиитэлин салайааччыта Сергей Гуляев кэпсээтэ. Оттон байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Арассыыйа Дьоруойа, СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин эбээһинэһин толорооччу Игорь Юргин бэйэтин бойобуой сырыыларыттан холобурдаан, ыччаты патриотическай иитии туһунан кэпсээтэ.

Игорь Юргин министиэристибэ аатыттан Норуот фрона хамсааһын ахтыбыыс 17 оҕоҕо Махтал суруктары туттарда.

Видео-сибээһинэн тахсан Бүтүн Арассыыйатааҕы «Арассыыйа эпиһиэрдэрэ» тэрилтэ Патриотическай иитиигэ Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа Дьоруойа, РФ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин полковнига Александр Головашкин пуорум уонна ыччаты патриоттуу иитии туһунан кэпсээтэ.

Москваҕа Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Ольга Макеева Фашизмы утары пуорум саҕаламмытынан видео-сибээһинэн эҕэрдэлээтэ уонна Саха сирэ оҥорор көмөтүн иһин махталын биллэрдэ.

«Воин» ыччаты байыаннай спортивнай бэлэмнэниигэ уонна патриотическай иитиигэ киинин эрэгийиэннээҕи салаатын дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Сергин филиал үлэтин, ыччаты патриоттуу иитии туһунан кэпсээтэ.

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэргэттэригэр уонна кинилэр оҕолоругар көмө, болҕомто  ууруллуон наадатын, кинилэргэ үлэҕэ чэпчэтии көрүллэр бырааптаахтарын туһунан Ньурба улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Аҕа дойду саллааттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччыта Ньургуйаана Михайловаҕа кэпсээтэ.

«Аҕа дойду иһин» СӨ сэрии бэтэрээннэрин ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, ДОСААФ Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ эрэгийиэннээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Николай Гребенников Арассыыйа инникитэ – ыччат патриотизмыгар сытарын туһунан кэпсээтэ.

Бүгүҥҥү «төгүрүк остуолга» фашизмы утары охсуһуу сүрүн өрүттэрин уонна кини көстүүлэрин ырыттылар. Фашистскай идеологиялары утары охсуһуу былаастан, гражданскай уопсастыбаттан турарын уонна онно СМИ-лэр итиэннэ хас биирдиибит түмсэрбит ирдэнэрин наадата этилиннэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: