Фашизмы утары II пуорум тэрээһиннэрэ
Норуот сомоҕолоһуутун бырааһынньыгын чэрчитинэн сэтинньи 6 күнүгэр Фашизмы утары II пуорум буолаары турар.
Пуорум чэрчитинэн балаҕан ыйыттан араас тэрээһин ыытыллар. Балаҕан ыйын саҥатыттан «Арассыыйа – мин устуоруйам» мусуой комплексыгар «Люди новых регионов» уонна «Без срока давности» быыстапкалар үлэлииллэр. Быыстапкалар ахсынньы 31 күнүгэр диэри туруохтара.
Ону тэҥэ балаҕан, алтынньы ыйдарын устата оскуола оҕолоругар, орто анал уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннарыгар «Россия – Украина. На переломах эпох», «Разговор о важном» тиэмэлэринэн кылаас чаастара ыытылыннылар.
«Арассыыйа – мин устуоруйам» мусуой комплекса алтынньы ыйтан саҕаланан баран ахсынньы бүтүөр диэри турар «Россия в борьбе с современным фашизмом» экскурсияҕа ыҥырар. Бу комплекска итини тэҥэ «БИZОН»на страже Отечества» Дьокуускайдааҕы ОМОН үлэтин көрдөрөр быыстапка үлэлии турар.
Фашизмы утары тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар эмиэ ыытыллыахтара. Эмиэ бу пуорум чэрчитинэн «Бессмертный книжный полк» виртуальнай быыстапка алтынньы 17 күнүттэн сэтинньи 17-гэр диэри cbsykt.ru саайт нөҥүө үлэлиэ.
Сэтинньи 4 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар Арассыыйа норуоттарын сомоҕолоһуутун күнүгэр аналлаах кэнсиэр буолуо. Маннык кэнсиэр сэтинньи 5 күнүгэр Нам улууһун Нам сэлиэнньэтин М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна дуохуобунай сайдыы дыбарыаһыгар туруо.
Сэтинньи 5 күнүгэр Бырабыыталыстыба дьиэтигэр уопсастыбаннай тэрилтэлэр кыттыылаах «төгүрүк остуол» ыытыллыа.
Сэтинньи 6 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан Култуура киинигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утары пуорум мунньаҕа буолуоҕа, ол күн «Сила единства» быыстапка үлэлиэ. Пуорумҥа федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ эспиэртэрэ, былаас уорганын бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэҥэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа Дьоруойдара кыттыахтара.
Сэтинньи 9 күнүгэр «Голос за равенство: лексия о фашизме и расизме» Дьокуускай куорат ыччатын ортотугар өйдөтөр-иитэр тэрээһин ыытыллыа.
Салгыы сэтинньи 15 күнүттэн ахсынньы бүтүөр диэри бары үөрэх тэрилтэлэригэр «НАТО. Хроника жестокости» уонна «Разговоры о важном» кылаас чаастара буолуохтара.
Бу тэрээһиннэр нөҥүө Саха сирин олохтоохторун фашизм туһунан өйү-санааны кытта охсуһуу идиэйэтин тула түмүөхтэрэ.
Санатан эттэххэ, бастакы фашизмы утары пуорум былырыын Ил Дархан көҕүлээһининэн ахсынньы 8 күнүгэр ыытыллыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: