Фашизмы утары II пуорум үлэтин түмүктээтэ

Share

Фашизмы утары II өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум пленарнай мунньаҕа бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, буолан ааста. Саха сирэ эрэгийиэннэртэн бастакынан былырыын ахсынньы ыйга фашизмы утары пуоруму ыыппыта. Быйылгы пуорум үрдүк тэрээһиннээхтик, киэҥ хабааннаахтык барбыта бэлиэтэнэр.

Ил Дархан Айсен Николаев пуорум түмүктүүр мунньаҕын аһарыгар Саха сирин олохтоохторугар, байыастарга, дойдуларын иннигэр бэриниилээх патриоттарга махталын биллэрдэ.

«Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн Улуу Кыайыы кэнниттэн 80-ча сыл буолан баран фашизм идиэйэтэ эмиэ күөрэйэн кэллэ. Биһиги билигин уопсай дьыала иһин түмсүөхтээхпит уонна фашизмы суох оҥоруохтаахпыт. Бу тургутууну биһиги эрэллээхтик туоруохтаахпыт уонна Кыайыыны хайаан даҕаны ситиһиэхтээхпит. Биһиги норуоппут мэлдьи кыайыылаах-хотуулаах, дьон көҥүлүн туһугар туруулаһар. 2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Саха сиригэр сэрии ыар тыына таарыйбатах ыала диэн суох. Ол иһин арҕаа дойдулар пропагандалара биһиги устуоруйабытын хаһан даҕаны токурутуо суоҕа. Бу устуоруйа кырдьыга мөлүйүөнүнэн дьон дьылаҕатынан суруллубута. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62 тыһыынчаттан тахса киһи ыҥырыллан барбыта. Олортон 38 тыһыынчата кыргыһыы хонуутугар охтубута, олохторун нацизмы утары охсуһууга толук уурбута. Сахалар мэлдьи төрөөбүт дойдуларын көмүскүүргэ бастакы кэккэҕэ сылдьаллар. Биһиги хайаан даҕаны кыайыахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Илиҥҥи байыаннай уокурук хамандыырын байыаннай-бэлитиичэскэй үлэҕэ солбуйааччыта, генерал-лейтенант Роман Греков Фашизмы утары II пуорум улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна 80-ча сыл буолан баран нацизм, фашизм курдук хамсааһын өрө күөрэйэн тахсыбытын, ону уопсай көмөнөн суох оҥорорго ыҥырда.

«Улуу Кыайыы кэнниттэн 80-ча сыл буолан баран фашизм идиэйэтэ эмиэ күөрэйэн таҕыста. Хомойуох иһин, бу тиэмэ күн бүгүҥҥэ диэри актуальнай. Арҕаа дойдулар норуоттары утарыта туруортаан, Украинаҕа фашизмы күөдьүттүлэр. Саха сирэ  бастакынан болҕомтотун уураан маннык пуоруму ыыппыта сөптөөх уонна көдьүүстээх буолуо диэн эрэнэбин. Маннык тэрээһиннэр сүдү суолталаах историческай чахыны чөл хаалларарга уонна неонацизмы утары сомоҕолоһорубутугар, үүнэр көлүөнэҕэ сөптөөх өйдөбүлү тиэрдэргэ уонна кыһалҕа тула күүстэри холбуурга кыаҕы биэрэр. Биһиги Саха сирин олохтоохторо уонна салалтата байыаннай дьайыыга оҥорор кылаатын үрдүктүк сыаналыыбыт. Кыайыыны ситиһэр иһин көмөҕүт туохха даҕаны тэҥнэммэт. Эһиэхэ сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит уонна махтанабыт», — диэтэ Роман Греков.

Тэрээһин кэмигэр тыл эппит дьон фашизмы уонна нацизмы утары охсуһууга сомоҕолоһуу наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, ордук улахан болҕомто ыччаты патриоттуу иитиигэ, сырдатыы боппуруостарыгар уурдулар.

Пуорумҥа байыаннай дьайыыга ураты хорсун быһыыны оҥорбут байыастарга судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар. Тэрээһин эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэннэ.

Дьокуускайга ыытыллыбыт 2-с фашизмы утары пуорумҥа биир кэлим идеология фронун хааччыйыыны күүһүрдэргэ, история чахчытын харыстыырга үлэни кэҥэтэргэ этилиннэ. Маны сэргэ дьоҥҥо сырдатар, иһитиннэрэр, быһаарар бырагырааманы кэҥэтэн биэриини, киинэ, кинигэ, ускуустуба нөҥүө дойду култуурунай суверенитетын хааччыйыыны тэнитэн биэрэргэ уонна нацистскай ньымалары, арҕааҥы социальнай технологиялары бохсууга үлэни күүһүрдэргэ этилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago