Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн “Без срока давности” мультимедийнэй быыстапка үлэлиир

Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн “Без срока давности” мультимедийнэй быыстапка үлэлиир

30.10.2024, 18:10
Хаартыска: "Арассыыйа - мин устуоруйам" түмэл
Бөлөххө киир:

Алтынньы 16 күнүттэн “Арассыыйа – Мин устуоруйам” түмэлгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар киһилии кэмэлдьилэрин сүтэрбит нацистар тугу гыммыттарын кэпсиир “Без срока давности” быыстапка үлэлии турар.

Быыстапка сэтинньи 4-6 күннэригэр ыытыллыахтаах  II Фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумҥа ананар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Түмэл дириэктэрэ Дмитрий Соловьев эппитинэн, федеральнай быыстапкаҕа эбии биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыаннаах ураты докумуоннар, экспонаттар эмиэ турдулар.

“Буруйдарын боруостуу Саха сиригэр ыытыллыбыт фашистар хос моонньохторо сууттаммыт дьыалалара аан бастаан көрдөрүүгэ туруоруллуохтара. Урукку сылларга эбии саҥалар киирэн биэрдилэр. Бу — хас эмэ сылы быһа украинскай националистар хайдах курдук террордаабыттарын туһунан Донбасс олохтоохторун көрдөрүүлэрэ уонна байыаннай дьайыы кэмигэр украинскай националистартан ылыллыбыт маллар”, — диэтэ Дмитрий Соловьев.

Бүгүн аан дойдуга устуоруйаны уонна Иккис аан дойду сэриитин түмүктэрин токурутуу, сэбиэскэй норуот хорсун быһыытын, кини көрсүбүт сүтүгүн умнууга тиэрдэ сатааһын бара турар. Бу нацизм хара дьайыттан аан дойдуну быыһаабыт буойуттар ыччаттарын уонна өлбүттэр кэриэстэрин өһүргэтэр, улахан хоромньуну оҥорор, диэн бэлиэтээтэ түмэл дириэктэрэ

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: