Федерация Кубогар Уваровскай, Филиппов, Матаннанов киирсиэхтэрэ

Share

Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр  национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно «Дыгын ооньууларын» сулустара улуустарын  хамаандаларыгар киирэн кыттыахтара. 

“Триумф” споркомплекс уораҕайыгар өрөспүүбүлүкэ аатырбыт спортсменнара  киирсиэхтэрэ, ол иһигэр  Алексей Уваровскай, Леонид Филиппов, Николай Матаннанов, Артём Дьяконов уо.д.а. диэн СИА иһитиннэрэр.

Федерация Кубога успуорт биэс көрүҥэр ыытыллыаҕа: национальнай ыстаҥа, тутум мас эргитии, хапсаҕай, мас-рестлинг, 3х200 эстафета. Хас биирдии муниципальнай хамаандаҕа үстүү спортсмен киириэҕэ.

“Өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтин түмүгүнэн күүстээх хамаандалар кыттыахтара – Чурапчы, Таатта, Кэбээйи, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нам уонна Бүлүү улуустара. Көрөөччүлэр босхо киирэллэр”, — диэтэ СИА-ҕа Национальнай многоборье федерациятын толорооччу дириэктэрэ Иван Белолюбскай.

Кыайыылаахтарга тэрийээччилэр 300 тыһыынча солкуобайы туттарыахтара, иккис миэстэҕэ —  200 тыһыынча, боруонса призердарга — 100 тыһыынча солкуобай.

Барыллаан испииһэги көрүҥ (уларыйыы киириэн сөп):

Кэбээйи улууһа: Артём Дьяконов, Алексей Уваровскай, Яков Дмитриев;

Амма улууһа: Леонид Филиппов, Дмитрий Шестаков уонна Тимофей Большаков;

Бүлүү улууһа: Күндүл Карбаканов, Дмитрий Петров, Антон Уваров;

Уус Алдан улууһа: Семён Ануфриев, Марсен Колесов, Илья Карамзин;

Мэҥэ Хаҥалас улууһа: Давыд Колесов, Арсен Федоров, Дамир Попов;

Таатта улууһа: Николай Матаннанов, Алексей Ефимов, Архаан Максимов;

Чурапчы улууһа: Павел Друзьянов, Борис Строев, Егор Лукин;

Нам улууһа: Владислав Попов, Владлен Сергеев, Илья Карамзин.

Дьулустаан Сергеев

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Матвей Евсеев хайа рудатын национальнай хампаанньатын салайааччытынан ананна

"Национальная горнорудная компания" АУо генеральнай дириэктэринэн Матвей Евсеев ананна. Саха сирин Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга…

3 минуты ago
  • Сонуннар

АЛРОСА АК уонна “Анаабыр алмаастарыгар” махтанабыт

Саха сирин олохтоохторо соторутааҕыта кыыл табалар Өлөөн улууһун дьиэ табаларын илдьэ барбыттарын туһунан сураҕы истибиттэрэ.…

32 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар

Ытык Күөлгэ лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ

Таатта оройуонун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр А.Е.Мординов аатынан интэринээттээх лиссиэй саҥа дьиэтин тутуу түмүктэннэ. Эбийиэк СӨ…

48 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Тоҥ балык» күрэһин кыайыылааҕар — 100 тыһыынча солкуобай

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин биир сүрүн тэрээһининэн “Тоҥ балык” ("Строганина”) балык кыһыытын…

59 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Култуура ханнык тэрилтэлэригэр босхо сылдьыахха сөбүй?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи 63 №-дээх ыйааҕынан, 18-рын туола илик үстэн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Дьиэ кэргэн туһунан хоһооннор

Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ааҕааччыбыт Анастасия Захарова ийэ, аҕа, оҕо, дьиэ кэргэн туһунан…

2 часа ago