Федерация Сэбиэтин дэлэгээссийэтэ Жатайдааҕы суудуна собуотугар сырытта
Оробуочай бөлөх «Жатайская судоверфь» АУо суудуна оҥорор собуотун тутуутун хаамыытын кытары билистэ. Оробуочай бөлөххө киирэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, норуот дьокутаата Павел Петров, Виктор Федоров сырыттылар.
Жатайскай суудуна собуотун дириэктэрэ Петр Накул эппитинэн, суудунулары Арассыыйа дьону уонна таһаҕаһы таһар суудуналарын бырайыактара туһанылыннылар.
«Билигин Кытай Норуоднай Өрөспүүбүлүкэтин этиилэрин үөрэтэ сылдьабыт. КНР арҕаа дойдулартан итэҕэһэ суох, роботизированнай тиһиги биэриэн сөп. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын кытары атыы-эргиэн бэрэстэбиитэлистибэтин нөҥүө коммерческай этии ыытыахпыт», — диэтэ Петр Накул.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Өлүөнэ өрүһүнэн уонна Арктика зонатыгар уунан таһаҕаһы таһыыны хааччыйарга суудуна собуотун тутууну түргэнник түмүктүүр наадалааҕын бэлиэтээтэ.
Федерация Сэбиэтин Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Шевченко Жатайдааҕы суудунаны тутуу бырайыагын үбүлээһин, технологическай оборудованиены аҕалыы, каадыры бэлэмнээһин боппуруостарынан интэриэһиргээтэ.
Тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев собуоту тутарга уонна сөптөөх оборудованиенан хааччыйарга үбүлээһини булбутун эттэ. Ол гынан баран сааҥсыйаларынан, технологическай оборудованиены аҕалыы бодьоҕо уһаабыт, онон Жатайдааҕы суудуна собуотун бастакы түһүмэҕэ 2024-2025 сс. бүтэрэ күүтүллэр. 2024 с. тутар-таҥар үлэлэрэ бүтүөхтэрэ, 2025 с. докумуона бэлэм буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: