Федеральнай антимонопольнай сулууспа 2025 сыллааҕы уот тарыыбын аахта. Төһөнү төлүүр буолабыт?
Кэлэр сыл иккис аҥаарыгар саамай чэпчэки уот сыаната ЛНР-га буолуон сөп – саамай намыһах тарыып манна киловатт-чааһа 1,46 солк. тэҥнэһэр. ДНР-га саамай намыһах тарыып – 1,49 солк., уруккуттан кыра тарыыптаах Иркутскай уобаласка сыана – 1,77 солк.
Саамай ыарахан сыаналаах уоту Чукотка олохтоохторо төлүөхтэрэ, манна киловатт иһин саамай үрдүк төлөбүр ааҕыллыбыт — 11,36 солк. Атын тымныы эрэгийиэннэргэ уот сыаната эмиэ үрдүк. Холобур, Саха сиригэр биир киловатт иһин төлөбүр 9,66 солк. диэри үрдүө. Камчаткаҕа киловатт тарыыба 8,04 солкуобайынан хааччахтанар (ол быыһыгар саамай алларааҥы планка – баара-суоҕа 2,7 солк.).
Уоту туһаныыга социальнай нуорма олохтоммут эрэгийиэннэригэр тарыып туспа ааҕыллар, манныктар алтыалар. Ол курдук Красноярскай кыраайга социальнай нуорма иһинэн туттар уотуҥ төлөбүрэ биир киловатт иһин 3,97 солкуобайы аһарыа суохтаах. Өскөтө киһи соцнуорматтан элбэх уоту туһаммыт буоллаҕына, 6,4 солкуобайынан төлүүрүгэр тиийэр.
Москваҕа уот сыаната киловатт-чаас иһин билиҥҥи 6,99 солкуобайтан 7,87 солк тиийэ үрдүө. Московскай уобаласка – 7,33-тэн 8,25 солк диэри. Оттон Санкт-Петербурга – 6,19-тан 6,97 солк. тиийэ үрдүөҕэ, диэн иһитиннэрэр rgrunews.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: