Сайын Дьокуускай куораттан киин куораттарга көтүүгэ субсидиялаах авиабилиэт атыыга номнуо бүппүт үһү диэн олохтоохтор кэпсэтэр буолбуттара ыраатта. Эбиитин бу күннэргэ биир саайтка «Летом Якутию ожидает транспортный коллапс» диэн ыстатыйа бэчээттэнэн, ыҥырыа уйатын тоҕо тарта быһыылаах.
Ыстатыйаҕа «с 15 мая субсидированных авиабилетов для жителей ДФО по авианаправлениям из Якутии в города России – НЕТ. От слова совсем» диэн суруйбуттарын ааҕан, сайын уоппускаларыгар бараары сылдьар дьон ордук айманнылар. Онуоха СӨ Тырааныспарын министиэристибэтэ туһааннаах иһитиннэрии дьиҥэ суоҕунан бэлиэтээн эттэ.
Ол курдук, 2023 сылга 8 авиахампаанньа, ол иһигэр «Аэрофлот», «Сибирь», «ИрАэро», «КрасАвиа», «Якутия», «Алроса», «Аврора», «Уральские авиалинии» Дьокуускай, Мииринэй, Ленскэй, Нерюнгри, Полярнай уонна Таалакаан пуортарыттан Москва, Санкт-Петербург, Новосибирскай, Екатеринбург, Красноярскай, Иркутскай, Улан-Удэ, Хабаровскай, Южно-Сахалинскай, Сочи, Владивосток, Минеральные-Воды, Уфа куораттарыгар көтүүгэ субсидия көрүллүбүт. Субсидиялаах авиабилиэт ахсаанын авиахампаанньа бэйэтэ быһаарар.
Дьокуускай аэропуордугар көтөр-түһэр балаһаҕа саҥардыы үлэтэ ыытылларынан, «Аэрофлот» АХ Дьокуускай — Москва хайысхатынан субсидиялаах көтүүлэри тохтотор.
Дьокуускай — Москва — Дьокуускай хайысхатынан удамыр сыаналаах билиэтинэн уонна тырааныспарынан хааччыйар сыалтан «Якутия» АХ Росавиацияҕа субсидияны биэриигэ сайаапка эбии ыытыллыбыт.
Санатан эттэххэ, Дьокуускайдааҕы аэропуорт көтөр-түһэр балаһатын саҥардан оҥоруу иккис түһүмэҕэ ыытыллар. Салгын суудуналарын түһэриигэ, көтүтүүгэ муҥутуур хааччахтааһын отут күн, ол эбэтэр ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри буолар. Бу кэмҥэ икки авиахампаанньа, ол иһигэр «Якутия» Boeing 737-700 уонна «Сибирь» Embraer 170 ааллар үлэлиэхтэрэ.
Бэс ыйын 16 күнүттэн «Якутия» уонна «Сибирь» авиахампаанньалар Boeing 737-700/800, SSJ-100, А-320 , салгыы «Уральские авиалинии» АХ А-319 сөмөлүөтүнэн көтүөхтэрэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…