Наркология национальнай научнай киинин — В.П.Сербскэй аатынан психиатрия уонна наркология национальнай мэдиссиинискэй чинчийэр киинин эспиэрдэрэ Саха сирин наркологтарын үлэлэрин биһирээтилэр.
Ол туһунан Ольга Балабкина ыыппыт мунньаҕар эттилэр.
«Чөлүгэр түһэрэр стационарга сылдьан астынныбыт. Саха сиринээҕи өрөспүүбүлүкэ наркологическай диспансера кылаабынай быраас Альбина Сивцева салалтатынан былырыын «За подвижничество в области психического здоровья» Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэни ылбыта түбэһиэхчэ буолбатах. Саха сиригэр чөлүгэр түһэрии Арассыыйаҕа уһулуччу үчүгэй«, — диэтэ бу киин килиниичэскэй психофармакологияҕа сүрүн научнай сотруднига , эспиэрдэр бөлөхтөрүн салайааччы Анна Лобачева.
Кини наркотиктан тутулуктаах буолуу синдрома Саха сиригэр намыһаҕын эттэ. Былырыын наркотиктан сүһүрэн өлүү тахсыбатах. Тэхиньиичэскэй хааччыллыы үчүгэй.
1 килиниичэскэй отделение психиатр-нарколог бырааһа Валерия Силаева уонна научнай киин 1 килиниичэскэй отделениетын психиатр-нарколог бырааһа Анастасия Козырева Богдан Чижик уулуссаҕа баар стационарга, Кангаласс бөһүөлэгэр чөлүгэр түһэрэр отделениеҕа, Нам киин балыыһатыгар сылдьан биһирээтилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ былырыын итирик, наркотическай уонна атын токсическай итирииттэн көмөлөһөр идэтийбит тэрилтэни тэрийии боппуруоһа быһаарыллыбыта. «Тирэх» социальнай тэрилтэҕэ куойкалар аһылыннылар.
Ольга Балабкина Саха сирин психологтарын үлэлэрин үрдүк сыаналааһын, доруобуйа харыстабылыгар Айсен Николаев ыытар үлэтин түмүгэ диэтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…