Федеральнай ийэ хапытаала 9,5 % үрдээтэ

Share

Ийэ хапытаалын 9,5 бырыһыанынан улаатыннардылар. Билигин 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн төрөөбүт эбэтэр ииппит бастакы оҕоҕо төлөбүр кээмэйэ 690 266,95 солк тэҥнэстэ. Иккис оҕоҕо, өскөтүн эрдэ бастакы оҕоҕо төлөбүр ылбыт буоллахтарына –221 895,14 солк. – иккис оҕоҕо төлөбүр. Уонна 912162,09 солк. – 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн төрөөбүт эбэтэр ииппит иккис оҕоҕо, ону тэҥэ үһүс уонна ол кэннэ төрүүр оҕоҕо, өскөтүн бу иннинэ ийэ хапытаалыгар бырааптара суох буоллаҕына. Ону тэҥэ 2007 сылтан 2019 сылга диэри иккис оҕолоро күн сирин көрбүт дьиэ кэргэҥҥэ төлөбүр кээмэйэ — 690 266,95 солк.

Ийэ хапытаалын базовай кээмэйэ эрэ буолбакка, өссө да туһанылла илик харчытын ордугар индексацияланар.

2025 сылтан  ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын сэртипикээтин ылыыга сайаапканы биэрии ирдэммэт.  Оҕо төрөөтөҕүнэ ЗАГС-тан иһитиннэрии Арассыыйа социальнай пуондугар (СФР)  быһа барар. Биэс үлэ күнүн иһинэн госөҥөнөн тус кэбиниэккэ киириэҕэ.

Кэнники 6 сылга Саха сиригэр ийэ буолууну уонна оҕо сааһы өйөөһүнү үбүлээһин кээмэйэ 6,7 төгүл улааппыт. Эрэгийиэн Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, быйыл эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай бүддьүөттэр суоттарыгар бу суума 29 млрд солк. тэҥнэһэр.

Бастакы оҕолоро төрөөбүт Саха сирин ыаллара биир кэмнээх төлөбүрү ылаллар: бастакы зонаҕа – 60780,00 солкуобай, иккискэ – 50910,00 солкуобай. Иккис оҕо төрөөтөҕүнэ эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын  (273 648,63 рублей), өскөтүн оҕо 2020 сыл 01.01 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына.

Үһүс уонна онтон салгыы күн сирин көрөр оҕолорго “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала (316200,00 солкуобай) көрүллэр. Федеральнай бүддьүөттэн дьиэ кэргэттэргэ 450 тыһыынча солкуобайы ипэтиэкэ төлөбүрүгэр биэрэллэр. Ону тэҥэ Саха сиригэр сир учаастагын оннугар биир кэмнээх төлөбүрү (300 тыһыынча солкуобай ) ылыахха сөп.

Ону тэҥэ Саха сиригэр хас саҥа төрөөбүт оҕо 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри “Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалынан туһанар. Бу көмө кээмэйэ 2025 сылга  116 756,85 солкуобайга тэҥнэһэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

“Мөҥүрүөн” түмсүү 25 сыллаах үбүлүөйүн дьоро киэһэтэ

Дьоллоох Дьокуускай куораттан ахсынньы аан туманын хайа тыыран, ахсым-дохсун тимир көлөлөр мөҥүрүөннэр түөлбэлээн олорор Матта…

22 минуты ago
  • Сонуннар

Дьокутаат оруола хаһааҥҥытааҕар да улааппыт

Дьокуускайга муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын үһүс сийиэһэ буола турар. “Муниципалитеты 2.0: ИИ как драйвер…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Юрист сүбэтэ: Икки үлэҕэ тэҥинэн үлэлээтэххэ, уоппусканы хайдах биэрэллэрий?

СӨ Идэлээх сойуустарын үлэ быраабыгар иниспиэксийэтин салайааччы, СӨ үтүөлээх юриһа Наталья Ивановна Барковская ыйытыыга эппиэттиир.  …

51 минута ago
  • Сонуннар

Бырааһынньык кэмигэр баһаартан сэрэхтээх буолуохха

Бүгүн, ахсынньы 17 күнүгэр, Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны сэрэтэр, туоратар уонна баһаартан куттал суох буолуутун…

1 час ago
  • Сонуннар

“Уопсастыбаннай үлэ муниципалитекка сыһыарыллар, оттон онно үп-харчы көстөрө кытаанах”

Дьокутааттар олоххо көхтөөх позициялаах, кими баҕарар кытта уопсай тылы булар, сэргэх дьоннор. Онон олорор нэһилиэктэрин,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: -51 кыраадыс тымныыга лыах тилиннэ

Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото, Саҥа дьылы көрсө лыах тиллибит диэни истээт, хаһаайка…

1 час ago