Федеральнай миниистир Максим Решетников «Саюри» тэпилииссэ уонна Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтин үлэлэрин кытта билистэ
РФ экэниэмикэтин сайдыытын миниистирэ Максим Решетников уонна Ил Дархан Айсен Николаев сылы эргиччи үлэлиир «Саюри» тэпилииссэ комплексыгар уонна Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтигэр сырыттылар. Олохтоох хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ инники соруктарын, судаарыстыбаннай өйөбүл тустарынан кэпсээтилэр.
«Саюри» тэпилииссэ салалтата оҕуруот аһын үүннэриигэ былааннарын уонна тэпилииссэни сырдатыыны хааччыйыыга ороскуотуралларын туһунан билиһиннэрдилэр. Санатар буоллахха, бу бырайыак олоххо киирэн, кытаанах килиимэттээх эрэгийиэҥҥэ оҕуруот аһын (оҕурсу, помидуор, баклажан, клубника) сылы эргиччи үүннэрэн куорат нэһилиэнньэтин хааччыйыы ситиһилиннэ. Аныгы технология көмөтүнэн сылга оҕуруот аһын үүннэрии лаппа улааппыт.
Дьокуускайдааҕы кэмбинээккэ эмиэ билигин олоххо киирбит бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Санатар буоллахха, кэмбинээт 2021 сыллаахха алтынньыга эрэгийиэн үрдүнэн «Производительность труда» диэн национальнай бырайыагынан сөптөөх өйөбүлү ылбыта. Бу түмүгэр тэрилтэ оҥорон таһаарыыта лаппа үрдээбит. Ол курдук, бу иннинэ биир исписэлиис чааска 700 грамм бородууксуйаны оҥорор эбит буоллаҕына, билигин киилэҕэ диэри улааппыт. Кэмбинээт 80 сыл устата килиэп уонна бурдук аһын араастарын оҥорон кэллэ. Билинин ыйга, ортотунан, 550 туонна бородууксуйаны оҥорор, ол аата күн аайы 20 туоннаны Дьокуускай куоракка уонна таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна чугас сытар 8 улууска атыылыыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: