Салгыы
Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэргэ эбии дохуот киириэҕэ

Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэргэ эбии дохуот киириэҕэ

Ааптар:
14.12.2022, 12:46
Бөлөххө киир:

Федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэргэ эбии дохуот киирэрин туһунан СӨ Үбүн министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 

РФ Үбүн министиэристибэтэ  2023 сылга  АЛРОСА-ҕа сир бааһын хостооһунтан киирэр нолуогу (НДПИ)  икки ыйга үрдэтэри быһаарда. Маннык миэрэ ылылларын түмүгэр,  федеральнай уонна эрэгийиэн бүддьүөттэригэр эбии дохуот  киирэрин туһунан  СӨ үбүн миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрэр. Ол курдук, 2023 сылга алмааһы хостооһунтан нолуок быһыытынан (НДПИ)  Саха сирин бүддьүөтүгэр 18,4 млрд солк. эбии киириэхтээҕэ былааннаныллыбыт. Тустаах нолуоктан тутууну икки ый устата үрдэтии түмүгэр, федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи бүддьүөттэргэ эбии 10-нуу млрд солк. киирэн, 2023 сылга Саха  сирин бүддьүөтүгэр алмаастан барыта 28,4 млрд солк тыырыллыаҕа.

Хаартыска — СИА-тан, Андрей Сорокин түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 марта
  • -11°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 44% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: