Ахсынньы 14 күнүгэр Дьокуускай куорат Национальнай художественнай түмэлигэр Федор Марков үбүлүөйдээх 75 сааһынан «Сэлии сэһэнэ» быыстапката аһылынна. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Федор Иванович Тараҕай нэһилиэгиттэн төрүттээх, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга, норуот маастара, муосчут, скульптор, Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир киэн туттар, ытыктыыр талба талааннаах ууһа буолар.
—Быыстапка үөрүүлээх арыллыытынан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Ил Түмэн маассабай иһитиннэрии ньымаларын уонна култуура кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губарев, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев, улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, Тараҕай нэһилиэгин баһылыга Юрий Порядин, Г.Г.Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ Евдокия Иванова эҕэрдэлээтилэр. Быыстапка ахсынньы 15 күнүттэн 2024 сыл олунньу 18 күнүгэр диэри Национальнай художественнай түмэл 3 этээһигэр быыстапкалыыр саалаҕа дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруоҕа. Манна маастар муостан уһааран-чочуйан, айан таһаарбыт дириҥ ис хоһоонноох уран оҥоһуктара турдулар, — диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Аадырыс: Дьокуускай куорат, Киров уулуссатын 9 №-дээх дьиэтэ, 3 этээс, быыстапкалыыр саала. Сиһилии билсэр нүөмэргит: 8 4112 33-52-79
Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…
Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…
Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…
Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…
Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Кини дьиэтиттэн 32…
Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…