Аармыйа туһунан сымыйа сураҕы, фейк-сонуннары тарҕатааччылар, буойуттар уонна кинилэр ытык ааттарын киртитээччилэр харчыларыттан, сыаналаах малларыттан матыахтарын, ону тэҥэ байыаннай дуоһунастарыттан уһуллуохтарын сөп.
Бу туһунан 2024 сыл олунньу ыйын 14 күнүгэр 11 №-дээх ылыныллыбыт федеральнай сокуон бүгүҥҥэттэн, олунньу 25 күнүттэн, күүһүгэр киирэр диэн «Парламентская газета» биллэрэр.
Ону кытта саҥа үлэҕэ киирбит федеральнай сокуонунан, Арассыыйаҕа куттал суох буолуутун утары үлэни ыытааччылар, үбүнэн-харчынан хааччыйааччылар, итиэннэ аһаҕастык уонна иҥсэ санаанан буруйу оҥорооччулар эмиэ буруйданыахтара.
Арассыыйаҕа куттал суох буолуутун утары үлэлэр ахсааныгар наймылаһыы, геноцидтааһын, дезертирдээһин, бирикээһи толорботох буойуттар уонна бандьыыттааһын киирэллэр. Итинник хамсааһыннары кытары диверсионнай хайысхалаах буруйдары оҥоруу эмиэ барыта ааҕыллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, чуолаан буруйу оҥорууга туһаныллыбыт сыаналаах маллар уонна үп-харчы былдьаныаҕа.
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…