Феодосий Донской аата алмааска иҥэрилиннэ

Share

«Анаабыр алмаастара» АУо Майаат бириискэтин Морҕоҕор учаастагыттан булбут 51,67 карааттаах ювелирнай алмааһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруналыыс, социолог-чинчийээччи, экэнэмиичэскэй наука хандьыдаата, Хотугу пуорум Академиятын академига, Арассыыйа Наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ Феодосий Семенович Донской аата иҥэрилиннэ.

Санатан эттэххэ, «Саха АССР 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас» СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна «АЛРОСА» АХ бииргэ үлэлээһиннэрин бырайыагынан олоххо киирбитэ. Бу бырайыак иитинэн бөдөҥ алмаастарга Саха сириттэн Сэбиэскэй Сойуус уонна Социалистическай Үлэ дьоруойдара буолбут, устуоруйаҕа киирбит дьон уонна Саха сирин биллэр-көстөр уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин ааттара иҥэриллэр.
Феодосий Семенович өрөспүүбүлүкэ телевидениетин, Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун уонна Эбээн Бытантай национальнай оройуонун төрүттээччилэртэн биирдэстэринэн буолар.


Кини Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сылдьыбыта, 1943 с. от ыйын уонна атырдьах ыйыгар Курскай Дуга аатырбыт кыргыһыытыгар салгын аармыйатын авиационнай полкаларын сибээһинэн хааччыйбыта. Онтон Воронежскай уонна I Украинскай фроннар састааптарыгар киирэн Днепры туорааһыҥҥа, Украинаны уонна Польшаны босхолооһуҥҥа, Берлини ылыыга кыттыбыта. Ыам ыйын 8 күнүгэр 1945 с. рейхстаг эркинигэр доҕорун кытта «Биһиги манна сырыттыбыт – Саха сириттэн Донской Ф.С., Чувашияттан Кононов Ф. Ф.» диэн ааттарын суруйан хаалларбыттара.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кэннэ дойдутугар кэлэн суруналыыстаан баран, науканан дьарыктанан чинчийээччи, салайааччы быһыытынан ХХІ үйэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын көҥүл сайдыыларын Декларациятын – ХНТ официальнай докумуонунан буолбут «Саха декларацията» итиэннэ Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар сайдыыларын кэнсиэпсийэтин, о.д.а. ырытыһан, онно үлэни иилээн-саҕалаан ыыппыт үтүөлээх.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

8 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

11 часов ago