Феодосия Габышева: «Ил Дархан этиитэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытын саҥа саҕахтарыгар туһуланыаҕа»

Share

Феодосия Васильевна Габышева, Ил Түмэн дьокутаата:
— Саха киһитин уонна норуотунан талыллыбыт дьокутаат буоларым быһыытынан, сыл ахсын өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын Анал этиитин долгуйа ылынабын. Бу эрэгийиэммит олоҕор-дьаһаҕар, сайдыытыгар олус улахан суолталаах. Ил Дархаммыт олоххо көрүүтэ киэҥэ, мындыра өрүү сөхтөрөр. Биир да эйгэ кини болҕомтотун ылбакка хаалбат.

Айсен Сергеевич 2018 сыллаахха бастакы Анал этиитин олох умнубаппын. Онно да этиллибитин курдук мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбата, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуута, үөрэхтээһин уонна национальнай бырайыактар, араас хайысхалар өрүү инники күөҥҥэ сылдьаллар. Хомойуох иһин кэнники сылларга киһи күүппэтэх быһыыта-майгыта буолуталаата, балар бары өрөспүүбүлүкэбит дьаһалтатыттан суһал быһаарыныылары ирдииллэр. Уустук балаһыанньаттан тахсыы уһуну-киэҥи толкуйдааһынтан, сөптөөх суолу тобулууттан уонна суһал былааны олоххо киллэрииттэн улахан тутулуктаах. Бу барыта үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр. Онон Ил Дархаммыт бүгүҥҥү Анал этиитэ Сахабыт сирин сайдыытын саҥа саҕахтарыгар туһуланарыгар саарбахтаабаппын. Саҥа үүнүөхтээх Учуутал сылыгар эрэгийиэннээҕи үөрэх ситимигэр саҥа этиилэр, инвестиционнай бырайыактар баар буолуохтарын баҕарабын.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос болҕомтоҕо ылыллыа диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

13 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

16 минут ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

46 минут ago
  • Сонуннар

Сийиэс өрөспүүбүлүкэ бары дьокутааттарын түмтэ

СӨ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын 3-с сийиэһэ куорат уокуруктарын, тыа сирин нэһилиэктэрин дьокутааттарын түмтэ.…

54 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Егор Неймохов төрөөбүтэ 75 сылынан “Олох – үйэлээх хапсыһыы” тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар

Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит  Егор Петрович…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай оройуонугар — эргиэн логистическай кииннэрэ

Быйыл өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай улууһугар барыларыгар эргиэн логистическай кииннэрэ аһылыннылар. Бу соругу Айсен Николаев Судаарыстыбаннай…

1 час ago