Февронья Миронова: “Урукку дьон, күннэр-кэмнэр тоҕо эрэ быдан истиҥнэр, чугастар”

Share

“Моҕой түргэн, мындыр, киирэр-тахсар…”

Эргэ сылбытын үтүө санаанан атааран,  үүнэр сыл  барыбытыгар үчүгэйи эрэ түстүөн  ыра санаа оҥостон, кэлэр сылы үөрэ-көтө көрсөбүт. Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин, кинилэргэ туох умнуллубаты аҕалбытын ахтан-санаан ылаллар уонна саҥа сылларын торумнаан көрөллөр.

– Урукку Моҕой сылларыттан тугу ордук өйдөөн хаалбыккыный?

– Оҕо саас уонна билиҥҥи саас Саҥа дьылларын уратылара?

– Саҥа дьыл бырааһынньыгар оҕо буолан ылартан төһө үөрэҕин?

– Маскарааттааччыгын  дуо?

– Гороскоптарга, билгэлэргэ төһө итэҕэйэҕин?

– Моҕойу хайдах кыыл дии саныыгын?

– Кэлэр  сылтан тугу күүтэҕин?

Февронья Нико­лаевна Миронова, Нам­нааҕы МЦБС эрэдээктэр-бибилэтиэкэрэ:

– Табыллыыны.

– Саҥа дьыл оҕо сааспын санатар. Остуоруйа дойдутуттан айан­наан иһэр таба сыарҕатыгар олорбут Тымныы Оҕонньор Хаарчаананы кытары кэһиилээх иһэллэрин оҕо барыта, оннооҕор улахан дьон итэҕэйбиттии кэтэһэллэрэ. Баҕар, Тымныы оҕонньор айан­наан иһэн миигин көрсүө дии санаан, таһырдьа тахсан халлааны маныырым. Тыыннаах елка, күөх дьаабылыка, мандарин сыта Саҥа дьыл чугаһаабытын биллэрэн долгутара, манньытара. Билигин номнуо оҕолор, сиэннэр кэлэн  дьоллоох оҕо саас күннэрин бэлэхтээри сүүрүү-көтүү. Тыыннаах елка туруо­руоххун аны елканы аһынан ускуустубаннай буолбута ыраатта. Урукку дьон, күннэр-кэмнэр тоҕо эрэ быдан истиҥнэр, чугастар.

– Сыл – хонук. Билигин бары ыал ийэлэрэ, аҕалара, эбээлэрэ, эһээлэрэ буолан олордорбут да,  оҕо сааспыт кэрэ кэмнэрэ, умнуллубат сыллара сүрэххэ күндүлэр. Сааһырдым дии санаабакка,  санаабытын түһэрбэппит. Куруук эдэрдии эрчимнээхтик, үөрэ-көтө, ыалдьыбакка-кырдьыбакка, оҕолуу үөрэн-дьоллоно сылдьыахтаахпыт. Киһи өйө-санаата киһи ис туругар, этигэр-сиинигэр күүстээх тирэх буолар. Оҕо буолан,  ийэлээх-аҕаҕа атаахтыыр саамай улахан дьол дии саныыбын.

– Айан-тутан, оҥорон, маскараакка кыттарбын сөбүлүүбүн.

– Олох үчүгэй эрэ өрүтүн көрө сатыыбын. Киһи санаатынан олоруохтаах, кэрэҕэ, үтүөҕэ эрэниэхтээх.

Үүнэр сыл Моҕойо кырдьыксыт, эйэ­ҕэс, алҕаһы өйдүүр диэн бэлиэтииллэр. Оттон остуо­руйаларга сөптөөх сүбэ-ама биэрэр, уустук балаһыанньаттан тахсар суолу ыйар. Күҥҥэ, сылааска тахсан сыламныырын сөбүлүүр. Айдааны-куйдааны ылыммат, чуумпу миэстэни сөбүлүүр, дьиэ кэргэнигэр бигэ эрэллээх.

– Тус олохпор, үлэбэр, дьиэ кэргэммэр ил-эйэ эҥэрдэһэн бэйэ-бэйэни өйдөһөн өйөнсөн бары барыта табыллыа, этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбин. Санаабытым сатаныа, туппутум тупсуо, баҕарбытым баар буолуо диэн бигэ эрэл­лээхпин.

Хаартыска: Февронья Миронова тус архыыбыттан

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

2024 сылга 25 пиэрмэр грант ылан туһанна

Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит  «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Акселерация…

45 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Алдан таксиһыгар махтаналлар

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, госпиталларга сытар байыастарга көмөнү ыытыы бырааһынньык да күннэргэ тохтообот. -…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тарбах уонна майгы

Уһуктаах тарбахтаах киһи, сүнньүнэн, сайдыбыт куттаах-сүрдээх, айар дьоҕурдаах. Төгүрүк тарбахтаах киһи – дьыалабыай, эргиэмсик, практик.…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Таҥха: Биһилэх көрүүтэ, ууга сабы сүүрдүү…

БИҺИЛЭХ КӨРҮҮТЭ Биһилэх көрүүтэ эмиэ сүллүкүүн тахсыбыт кэмигэр буолар. Маны көрөргө  уу-чуумпуга хас эмэ киһиэхэ…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: Өлөрүү, наркотигынан эргинии

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 2 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Сунтаар улууһун Устьетыгар…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайга национальнай бырайыагынан 190 км тахса суол өрөмүөннэннэ

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах массыына суоллара» национальнай бырайыагынан бүтэһик алта сылга…

4 часа ago