Салгыы
Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

15.12.2024, 11:00
Хаартыска: Филипп Евсеев тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу экипажка саха уолаттара бааллар үһү диэн сураҕы наһаа үөрэ уонна долгуйа истибиппит. “Алеша” экипаж суоппар-мэхээнньигэ, Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев биһиги хаһыаппытыгар ыалдьыттаата. Атах тэпсэн олорон дьоруойдуу быһыы, олох, дьиэ кэргэн, оҕону иитии туһунан ирэ-хоро кэпсэттибит.

Хаартыска: Филипп Евсеев тус архыыбыттан.

Олоҕум туһунан

– Филипп Алексан­дрович, биһиги  “Алеша” экипаж дьоруойдуу быһыытын бары билэбит. Ол эрээри эн тускунан, ба­­йыаннай дьайыы иннинэ тугунан дьарыктаммыккын билбэппит. Онон ааҕаач­чыларбытыгар сырдатыахпытын баҕарабыт.

– Сунтаар улууһун Күндэйэтиттэн төрүттээхпин. Сэттис кылааска диэри Күндэйэҕэ үөрэнэн баран салгыы Сунтаар киинигэр оскуо­ланы бүтэрбитим. 2002 cыллаахха аармыйаҕа барбытым уонна икки сыл сулууспа­лаан кэлэн баран Сунтаардааҕы СПТУ-га слесарь-суоппар идэтигэр киирбитим. Оччолорго кэргэним уһуйааҥҥа оҕолорго муусуканы үөрэтэрэ. Ол үөрэнэ сылдьан билсэн 2005 cыллаахха ыал буолбуппут. Эһиилигэр улахан кыыспыт  күн сирин көрбүтэ. Биһиги дьиэ кэргэн үс оҕолоохпут. Улахаммыт Уйгулаана Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэскэ иккис кууруска, иккис оҕо­бут Арылхан Дьокуускай 17-c №-дээх оскуолатыгар тохсус кылааска үөрэнэллэр, кырабыт Саргылаана 13  cаастаах, бэһис кылаас үөрэнээччитэ. Биһиги Сунтаар Элгээйитигэр дьиэ-уот туттан олорбуппут. Байыаннай дьайыыга барыахпар диэри бырааппын кытта дьоҥҥо сакаа­һынан мас дьиэлэри тутуунан дьарыктанар этим.

– Байыаннай дьайыыга барарга хайдах быһаарыммыккыный?

– Байыаннай дьайыыга ыҥырыы бэбиэскэтэ кэлбитин билбэккэ даҕаны, Сунтаарга дьиэ тута сылдьыбытым. Ол сырыттахпына, соһуччу, омуна суох, уулуссаттан илдьэ барбыттара. Инньэ гынан, кэргэммэр да киһилии эппэккэ, мал-сал да хомуммакка,  оннук ыксалынан барбытым. Ити кэмҥэ дьонум Элгээйигэ баар буоллахтара. Кэргэммэр барар буоллум диэн эрийбитим, таҥаспын-саппын хомуйан бэлэмнээбит этэ да мин ыксалынан буолан, ону да ылбакка барбытым. Сунтаартан сэттиэ буолан айаннаабыппыт. Дьокуускайга кэлэн икки хоммуппут уонна тута көппүппүт. Сергеевкаҕа тиийбиппит кэннэ биһигини араартаабыттара, ый курдук тааҥкаҕа үөрэппиттэрэ. Аармыйаҕа Хабаровскайга тааҥка чааһыгар суоппар-мэхээнньигинэн сулууспалаабытым. Эдэр эрдэхпиттэн тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах уонна аармыйаҕа танкиһынан сулуус­палаабыт буолан, тааҥканы тута ылыммытым. Саамай сүрүнэ, собуоттуохпун эрэ наада этэ.

Дьоруойдуу быһыы

– Биһиги “Алеша” экипаж дьоруойдуу быһыытын күөх экраҥҥа көрбүппүт. Дьонуҥ, дьиэ кэргэниҥ хайдах ылыммыттарай, бу туһунан кэпсээ эрэ.

– “Алеша” суоппар-мэхээн­ньигэ Коля Филатов диэн Тулагыттан төрүттээх уол бэс ыйын 4 күнүгэр улахан эчэ­йии ылан, сарсыныгар ити тааҥкаҕа миигин олордубуттара. Ол күн ити киирсии буол­бут сиригэр разведкаҕа барбыппыт. Ол баран иһэн холуон­наны көрсөн кэбистэхпит дии. Дьиҥэр, барымаҥ, холуонна баран иһэр диэбиттэр эбит. Онуоха рация­быт систиэмэтэ холбоммотох буолан, истибэтэхпит. Видеоҕа көрдөххө, арай барыта түргэн баҕайы курдук. Ол эрээри итиннэ 15 мүнүүтэ буоллубут быһыылааҕа. Киһи уустук кэмҥэ иннин хоту барар, кыайыыга эрэ дьулуһар. Тоҕо эрэ туохтан да куттаммат, харса суох буолан хаалаҕын. Биир хамаанда үлэтэ буоллаҕа. Ким даҕаны кими даҕаны маннык балаһыанньаҕа түһэн биэрэрэ сатаммат.

Бу видеону аан бастаан уолум көрбүт этэ. Кини миэхэ сибээскэ тахсан, бу эн дуо диэн ыйытар. Ийэтигэр  тии­йэн аҕам ааҕы көрдөрдүлэр диэн аймаммытын ким да итэҕэйбэтэх. Онтон дьэ, аҕабын кытта кэпсэттим, кинилэр үһү диэбитигэр дьэ итэҕэйдэхтэрэ. Ити кэнниттэн бэс ыйын 18-гар этэ дуу, бааһыран госпитальга сыппытым, контузияланан. Түөрт госпитальга сыппытым. Олох сибээһэ суох сиргэ сыппытым. Дьонум миигин сүтэрэн кэбиспиттэр этэ. Наводчик Алексей Неустроев мин “Генерал” диэн позывнойбун этэр үһү. “Генерал да Генерал” диэбитин, ким буол­лаҕай диэбиттэр. Позывной дии санаабатахтар этэ. Онтон экипаж туһунан видео устан бүтэн баран биирдэ туох генералай диэн ыйыппыттар.

«Дьиэ кэргэним  үтүө үгэстэрэ»

– Филипп, дьэ аны дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин кэпсээ. Иллэҥ кэмҥитигэр тугунан дьарыктанаҕыт?

– Биһиги саха ыалын сиэринэн айылҕаҕа олус чугаспыт. Сир астыырбытын, оттуурбутун-мастыырбытын астынабыт. Элгээйигэ олордохпутуна дьоммут сүөһүлээх буоланнар онно өрүү оттоһор, хаһаа­йыстыбаҕа көмөлөһөр этибит. Онтон Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Оҕолор бары үчүгэйдик үөрэнэ сылдьаллар. Уолбут Арылхан тустуунан, волейболунан дьарыктанара. Манна кэлэн саҥа үөрэнэ, доҕоттордоно сылдьар. Онон билиҥҥитэ ханнык да дьарыкка киирэ илик. Кэргэним идэтинэн уһуйааҥҥа муусуканы үөрэтэр этэ. Билигин оҕобутун көрөн олорор. Кыра кыыспыт Саргылаана инбэ­лиит. Оҕо сылдьан күүстээх антибиотигы иһэн икки саастааҕар  истибэт буолан хаалаахтаабыта… Онон истибэттэр оскуолаларыгар үөрэнэр. Киһиэхэ бу олоххо саамай сүрүнэ дьиэ кэргэнэ буолар. Оҕом доруобуйата этэҥҥэ буолуон баҕарабын. Кини этэҥҥэ буолуор диэри бу үүннэрбит бытыкпын хоруммаппын диэн санааҕа кэлбитим.

Булт туһунан

– Саха эр киһитэ барыта булка сыһымах. Эн булка сыһыаныҥ.

– Бултаабат-алтаабат саха эр киһитэ диэн суоҕун кэриэ­тэ буолуо. Үгэс быһыытынан сааскы куска хайаан да сылдьабын. Саха эр дьоно булка сыһыаннаах буоланнар, ба­­йыаннай дьайыыга эмиэ бэрт хорсуннук-хоодуоттук сылдьаллар. Аҕа быһыытынан уолбун кытта айылҕаҕа сылдьан кустуубут. Төрөөбүт дойду тардылыга диэн наһаа күүстээх. Сайын буоллаҕына, дойдубутугар барарбытын күүтэбит.

Хаартыска: Филипп Евсеев тус архыыбыттан.

«Эһээлэрим суолларынан»

– Эйиэхэ Дьоруой сулу­һун эһээҥ сэриилэспит сиригэр туттарбыттар диэни истибитим…

– Эһээлэрим иккиэн Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара. Арассыыйа Дьоруойа сулуһу Курскай Дугаҕа туттарбыттара, оруобуна эһээм Николай Михайлович Ващенко сэриилэспит сирэ. 80 cыл буолан баран бу сиргэ Дьоруой сулуһун ыллым.  Аҕам аҕата Евсеев Филипп Андреевич эмиэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Эһээлэрим сырдык ааттарын биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ, салгыыр буол­лахпыт. Төрөппүттэрим туһунан кэпсиир буоллахха, ийэлээх аҕам билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Мин сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Аҕам Александр Филиппович Евсеев, ийэм Людмила Николаевна Ващенко. Билигин бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт, балтылаахпын уонна эдьиийдээхпин.

– Аныгы үйэҕэ оҕону дойдуга бэриниилээх гына иитэргэ тус көрүүҥ.

– Билигин төлөпүөн, тэлэбиисэр наһаа сайдан, успуор­дунан дьарыктанар оҕо ах­­сааннаах быһыылаах. Уолат­тары эт-сиин өттүнэн күүскэ дьарыктыахха наада дии саныыбын. Үгүс күрэхтэһии­лэргэ кыттан уол оҕоҕо бас­таан оскуолатын, нэһилиэ­гин, улууһун, онтон дойдутун чиэһин көмүскүүр өйдөбүл кыра сааһыттан үөскүөхтээх дии саныыбын. Дойдуга бэриниилээх буолуу ону сэргэ дьиэ кэргэн иһигэр иитиллэр. Онон, төрөөбүт дойдугутун таптааҥ уонна ытыктааҥ диэн этиэм этэ оҕолорго.

«Олоххо тутуһар санаам»

– Киһи дьоһуннаахтык уон­на чиэһинэйдик олоруох­таах. Билигин оҕолор этэҥҥэ улаа­тан киһи-хара буолуохтарын наада дии саныыбын. Бэйэм ХИФУ физкултуурунай институтугар ыксаллаах быһыы-майгы салаатыгар үөрэххэ киирбитим. Ол эрээри байыаннай чааһым көҥүллүү илик буолан, үөрэнэ иликпин. Бэйэм оҕолорбун кытта саастыы оҕолору кытта үөрэниэхтээхпин. Байыаннай дьайыы кыа­йыынан түмүктэниэ диэн эрэл­лээхпин. Оччотугар этэҥҥэ олохпутун олорон иһиэхпит буоллаҕа.

«Дойдум дьонугар махталым»

– Дьоруой буолан кэлбиппэр, дойдум дьоно наһаа иһирэхтик көрсүбүттэрэ. Уопсайынан, өрөспүүбүлүкэбит байыаннай дьайыыга наһаа элбэх көмөнү оҥоро олорор. Ол курдук, атын эрэгийиэн байыастарыгар биһиги курдук элбэх көмө оҥоһуллубат. Биһиги наһаа түмсүүлээх эбиппит дии саныыбын. Түгэнинэн туһанан, СӨ аҕа баһылыга Айсен Николаевка, улууһум баһылыга Анатолий Григорьевка, нэһилиэк баһылыктарыгар, биир дойдулаахтарбар махталбын биллэриэм этэ.

+1
28
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: