«Финквиз» оонньууга хамаандалар күрэхтэстилэр
Уус Алдаҥ улууһугар С.Васильев – Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ уонна улуустааҕы үп управлениетын тэрийиилэринэн «Финквиз» оонньуу ыытылынна.
Тэрээһин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үп министиэристибэтин, финансовай кэллиэс ыытар «Финансовая грамотность» марафоннарын чэрчитинэн, улуус тэрилтэлэрин икки ардыларыгар буолла.
Квиз оонньуу саҕаланыан иннинэ РФ социальнай пуондатын Уус Алданнааҕы салаатын салайааччыта Р.М.Белолюбскай, Ис дьыала отделын Уус Алданнааҕы отделениетын старшай оперуполномоченнайа А.Г.Березкин, «Сбербаан» офиһын салайааччыта Н.И. Сергучева, «Россельхозбаан» офиһын салайааччыта А.Л.Новогодина үбү-харчыны элбэтии, хаҥатыы туһунан, түөкүттэртэн сэрэнэр, харыстанар ньымалары сырдаттылар.
Бэсиэдэ кэнниттэн улуус 10 тэрилтэтиттэн үстүү киһилээх хамаандалар квиз оонньуу араас хабааннаах ыйытыыларыгар эппиэттээн күрэстэстилэр. Иккис туурга сахалыы сыыппаралаах таабырыннары таайан тургутугу аастылар. Түмүгэр кыайыылааҕынан кииннэммит бухгалтерия, 2 миэстэҕэ оҕо спортивнай оскуолатын хамаандата, 3 миэстэҕэ социальнай управление хамаандалара таҕыстылар. Кыайыылаах хамаандалар мэтээллэринэн, минньигэс бириистэринэн наҕаарадаланнылар. Сбербаан уонна Россельхозбаан анал бириистэрин Мүрү 2 №-дээх оскуолатыгар, контрольнай-счетнай палата хамаандаларыгар туттардылар.
Мария Заболоцкая
Евдокия Неустроева хаартыскаларга түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: