Салгыы
Фольклорист Прокопий Ефремов долган олоҥхотун чинчийиитин туһунан

Фольклорист Прокопий Ефремов долган олоҥхотун чинчийиитин туһунан

Ааптар:
01.01.2024, 11:07
Хаартыска П.Ефремов аймахтарын архыыптарыттан. Прокопий Елисеевич өр сылларга "Знание" уопсастыбаҕа лектордаабыта.
Бөлөххө киир:

(Төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан)

Биллэр фольклорист Прокопий Елисеевич Ефремов  былырыын төрөөбүтэ 90 сыла буолан ааспыта. Кини улахан өҥөтүнэн урут анаан дириҥник үөрэтиллэ илик долган фольклорун уонна хотугу сахалар олоҥхолорун үөрэтиитэ, хомуйуута буолар. Кини долган омук өйүн-санаатын, норуот быһыытынан уратытын көрдөрөр тылынан уус-уран айымньыларын уонна төрөөбүт тылларын баайын былыргыттан илдьэ сылдьар информатордар олоҥхолуур ньымаларын, бу омук олоҥхотун сюжетнай-композиционнай тутулун, сүрүн дьоруойдар уобарастарын чинчийбитэ.

 Олоҥхону үөрэтиитэ

1964 уонна 1968 сылларга эспэдииссийэлэргэ сылдьан 78 саастаах И.А. Еремин-Сүтүктэн «Көмөрдөөх Үөстээх Оттооной богатырь» олоҥхо бастакы чааһын, Ф.С.Сахатинтан “Тимир ньииптэ бухатыыры” («Богатырь Железный Лежень»), 84 саастаах Н.Д.Большаков-Бытыкыайтан «Три сестры» уонна Н.А. Христофоров-Моочуортан «Тойон Джолдо» диэннэри суруйбута. Сүрүн ис хоһооннорун маннык бэлиэтээбитэ: «Герой себе жену ищет далеко от родины в чужих краях. Поэтому героическая женитьба – основное содержание многих олонхо. В них главная цель героя – продолжение рода» [Ефремов, 1984, с. 40]. Олоҥхону толорууга сыһыаннаах итэҕэллэри суруйбута. Хотугу сахалар уонна долганнар тыл күүһүгэр олус итэҕэйэр буоланнар, олоҥхоһут этэр тыла тиллэр алыптааҕынан, улахан ыарыы, дьаҥ кэмигэр олоҥхолотон ыарыы абааһыларын үүрдэрэр, аллараа дойдуга салайтарар эбиттэр. Ырыаһыт да, олоҥхоһут да дьоло суох буоларын хотугу уонна киин олохтоох сахаларга баар итэҕэллэри кытта тэҥнээбитэ. Оттон А.А. Попов 30-сс сылларга диэри долганнарга баар буола сылдьыбыт бобуулар туһунан манныгы суруйбута: “Весной, во время прилета гусей и уток долганы не рассказывали былин и сказок. Образы повествований, становясь зримыми, якобы распугивали птиц, и они пролетели стороной” [Попов, 1958, с. 88]. Прокопий Елисеевич кыыл табалары бултуур кэмҥэ эмиэ олоҥхолооботторун бэлиэтээбитэ. Аны туран олоҥхоһут бухатыыр аллараа дойдуга эбэтэр абааһыны кытта охсуһар кэмигэр тохтуо суохтаах эбит. Онон күннээҕи үлэ, түбүк-садьык бүппүтүн эрэ кэннэ киэһэ саҕалаан баран,  сарсыардааҥҥа диэри толороллоро. Бу үгэстэр кэлин умнуллубуттарын, олоҥхолор да уларыйбыттарын бэлиэтээбит. Ол кудук аан бастаан 1902 с. “Эрэйдээх буруйдаах Эр Соҕотох” олоҥхоттон быһа тардыыны Туруханскай кыраайга П.Е.Островских Андрей Михайлович Поповтан истэн суруйбут эбит буоллаҕына, долганнарга сурук-бичик олох хойут 80-с сылларга эрэ төрүттэммитин быһыытынан, сүнньүнэн норуот уус-уран айымньылара сүтэн эрэллэрин туһунан суруйбут. Холобур, 1931–32 сс. А.А. Попов хомуйбут олоҥхолорун кытта тэҥнээн көрбүтэ кини хомуйбут олоҥхолоругар киириилэрэ, ойуулааһыҥҥа ымпыктааһын-чымпыктааһын суох буолбут. Дьоруойдар монологтарын И.А.Еремин уонна Ф.С. Сахатин эрэ толорор буолбуттар. Долганнар олоҥхолоро дириҥ силистээҕин-мутуктааҕын олохторугар-дьаһахтарыгар буолбут чахчылары туоһулуур научнай түмүктээһиннэринэн көрдөрөр: “… в олонхо отчетливо видны черты развитого родового строя и времени его разложения, начало образования раннего классового общества. А это думается, служит еще одним подтверждением мысли, что у долган имеет общий корень с олонхо стоящих на более высоком ступени общественного развития якутов, связь с которым во многом проливает свет на происхождение этой 85 немногочисленной северной народности. Известно, что сильные остатки первобытно-общинных порядков у долган сохранились вплоть до 30-х годов” [Попов, 1958, с. 41].

 Кини үлэлэрэ ситэ үөрэтиллиэхтээх

Прокопий Елисеевич норуот фольклорун үөрэтии сайдыытыгар эрэ буолбакка, долган литэрэтиирэтин төрүттэниитигэр эмиэ быһаччы кыттыылаах. Оччотооҕуга долганнарга саҥа сурук-бичик, үөрэхтээһин тарҕанан эрэр кэмигэр саҥа тахсан эрэр эдэр суруйааччы Огдо Аксенова бастакы суруйааччы буоларыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Онон Прокпий Елисеевич Ефремов чинчийбит үлэтэ ситэ үөрэтиллэн, архыыпка сытар үлэлэрэ күн сирин көрөн, дьон-сэргэ билиитигэр өссө тахсан иһэллэригэр баҕарабын.

Ангелина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: