Фронтовик-суруйааччылар тустарынан быыстапка аһыллыаҕа
Национальнай бибилэтиэкэҕэ ыам ыйын 8 күнүттэн «Они показали войну без прикрас. 100 лет — писателям-фронтовикам» виртуальнай быыстапка туруоҕа.
Быыстапка үбүлүөйдээх фронтовик-суруйааччылар: Виктор Петрович Астафьев (төрөөбүтэ 100 сылынан), Владимир Осипович Богомолов (төрөөбүтэ 100 сылынан), Юрий Васильевич Бондарев (төрөөбүтэ 100 сылынан), Василь Владимирович Быков (төрөөбүтэ 100 сылынан), Борис Львович Васильев (төрөөбүтэ 100 сылынан), Константин Дмитриевич Воробьёв(төрөөбүтэ 105 сылынан), Даниил Александрович Гранин (төрөөбүтэ 100 сылынан), Юлия Владимировна Друнина (төрөөбүтэ 100 сылынан), Булат Шалвович Окуджава (төрөөбүтэ 100 сылынан) олохторугар, айар үлэлэригэр ананар.
Сэрии кыһарҕанын бэйэлэрин эттэринэн-хааннарынан билбит фронтовик-суруйааччылар сэрии ынырык сирэйин, дьон ыар дьылҕатын, хорсун быһыыларын кэпсээбиттэрэ, ааҕааччыга уустаан-ураннаан тиэрдибиттэрэ.
Аҕа дойду уоттаах сэриитин кэмигэр саа-саадах тутан, Ийэ дойдуларын көмүскээбиттэрэ, Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Кинилэр айымньылара Ийэ дойдуга, чугас дьоҥҥо таптал, бэриниилээх буолуу, эр санааланыы иэйиилэрин саҕаллар, үүнэр көлүөнэлэри иитэллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: