Салгыы
«Фтизиатрия» кэнники биэс сылга биллэр ситиһиилэрдээх

«Фтизиатрия» кэнники биэс сылга биллэр ситиһиилэрдээх

29.01.2024, 12:00
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

 “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай киин үлэтэ үчүгэй түмүктэрдээх. Ол курдук, сэллик ыарыытын — 42, ыарыыттан өлүү ахсаанын 39 бырыһыан аҕыйатары ситистилэр.

Кэнники биэс сылга ылыллыбыт бу көрдөрүүлэргэ  “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай кииҥҥэ ыарыыны быһаарыы уонна эмтээһин аныгы ньымалара көмөлөстүлэр. Ону сэргэ ыарыһахтары барыларын балыыһаҕа киллэрэн эмтээһин уонна аһаҕас сэлликтээхтэри булан эмтээһин эмиэ төһүү буоллулар.

“Фтизиатрия” киин “Торакальнай хирургия” уонна “Травматология уонна  ортопедия” идэлэргэ үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥорор. Терапиянан эмтээһин быраактыкатыгар элбэх саҥа эми туһаналлар (холобур, «Сурфактант – БЛ», «Деламанид» уо.д.а.).

Кэнники 5 сылга сэлликтэн оҕо өлүүтэ бэлиэтэммэтэҕэ – эмиэ Саха сирин фтизиатрдарын ситиһиилэрэ. Онон, Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ биир бастыҥ көрдөрүү буоларынан Саха сирин мэдиссиинэтэ киэн туттар.

Ону таһынан, кииҥҥэ ыраахтан видео-хонтуруоллуур превентивнай эмтээһини киллэрдилэр, бу анал көмө туһаныллан, кэнники 5 сылга Саха сиригэр оҕолор сэлликтииллэрэ 8% аҕыйаата.

Наукаҕа Саха сирин учуонайдара киэҥ далааһыннаахтык үлэлииллэр. РНА СС Криолитозона биологическай проблемаларыгар институтугар оҥоһуллубут  саҥа “Бетукладин” биопрепарат уонна Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института “Сахабактисубтил” аһытыыга олоҕуран оҥоһуллубут аһыы бородуукталара сэлликтээх ыарыһахтары эбии аһатарга туһалаахтара быһаарылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: