«Фтизиатрия» НПК үлэһиттэрэ биир идэлээхтэринэн киэн тутталлар
Алтынньы 28 күнүгэр «Амма» айан суолугар дьону таһар икки дьоҕус оптуобус суол улахан быһылаанын таһаарбыта.
Хомойуох иһин, бу алдьархайга хас да киһи, ол иһигэр 4 оҕо, эмсэҕэлээбитэ.
Дьолго, бу кэмҥэ “Фтизиатрия” научнай-практическай киинин анестезиолог-реаниматолога Семен Евграфов бэйэтин массыынатынан айаннаан испитэ. Семен Юрьевич “суһал көмө” массыыната кэлиэр диэри эмсэҕэлээбит дьоҥҥо миэстэтигэр мэдиссиинискэй көмөнү оҥорбута. Ол кэнниттэн бэйэтин массыынатынан оҕолору барыларын Амма оройуоннааҕы киин балыыһатыгар тириэрдибитэ. Манна кэлэн биир идэлээхтэригэр көмөлөспүтэ уонна салгыы айаннаабыта. Амма быраастара ыксыы сылдьан кини аатын, ханна үлэлиирин да ыйыталаспакка хаалбыттара.
Ол эрээри, сэтинньи 10 күнүгэр, Дьокуускайга “Фтизиатрия” дьиэтигэр Амма оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Михаил Архипов кэлэн Семен Юрьевичка быһылааҥҥа эмсэҕэлээбит дьон уонна Амма балыыһатын кэлэктиибин ааттарыттан махтал тылларын тиэрдибитэ.
Онтон Семен Евграфов үрүҥ халааттаах аанньал ытык иэһин ыксаллаах быһыыга-майгыга чиэстээхтик толорбутун туһунан биир идэлээхтэрэ Михаил Архиповтан эрэ истэн соһуйбуттара. Кэлэктиип үлэһиттэрэ олус сэмэй, атын дьон кыһалҕатын бэйэтигэр ылынар үрдүк таһымнаах анестезиолог-реаниматологы кытары биир кэлэктиипкэ үлэлии сылдьалларынан киэн тутталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: