«Фтизиатрияҕа” Улан Удэ исписэлиистэрэ үөрүйэхтэрин үллэһиннилэр
Кулун тутар 26-29 күннэригэр Е.Н.Андреев аатынан “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай кииҥҥэ Улан-Удэ куорат сэллиги утары охсуһар өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын үлэһиттэрэ уопут атастаһа кэлэ сырыттылар.
Уопсастыбаннаһы кытары сибээс исписэлииһэ А.Г.Кожевникова уонна хаачыстыба, килиниикэ-диагностика сулууспатыгар кылаабынай бырааһы солбуйааччы Л.Л.Зубкова “Фтизиатрия” лабораторияларын, сардаҥа диагностикатын отделениетын, мэдиссиинэ үлэтин хаачыстыбатын уонна куттал суох буолуутун хонтуруоллуур отделын, тыынар уорганнар сэлликтэрин отделениетын үлэтин билистилэр. Научнай-бырактыычаскай киин сүрүннүүр исписэлиистэрэ Готовцева А.И., Алексеева Г.И., Ермолаева Е. И., Сон Е. Д., Филиппова О. И. ыалдьыттарга Саха сирин фтизиатрияҕа сулууспатын ситиһиилэрин кэпсээтилэр, отделениелар үлэлэрин көрдөрдүлэр, интэриэһиргиир ыйытыыларыгар сиһилии хоруйдаатылар.
Бурятияттан кэлбит биир идэлээхтэрэ “былыттаах поликлиника” хайысхатын, улуустардааҕы диспансердары кытары үлэни улаханнык интэриэһиргээтилэр.
Холбоһуктаах үлэ туһалаахтык ааста, килииникэ үлэтин салаатыгар уонна наука чинчийиилэригэр салгыы бииргэ үлэлииргэ былааннары торумнаатылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: