Салгыы
Фёдор Ноговицын үп миниистирин солбуйааччынан ананна

Фёдор Ноговицын үп миниистирин солбуйааччынан ананна

19.10.2024, 10:56
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан алтынньы 18 күнүгэр Федор Антонович Ноговицын Саха Өрөспүүбүлүкэтин миниистирин солбуйааччынан ананна.

Фёдор Ноговицын үрдүк үөрэхтээх. Экэниэмикэ, статистика уонна информатика Москватааҕы судаарыстыбаннай университетын уонна РФ Бэрэсиэдьиэнин иһинэн норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа Арассыыйатааҕы академиятын бүтэрбитэ.

Үлэтин 2004 сылтан  баантан саҕалаан, манна 2013 сылга диэри үлэлээбитэ. 2013-2015 сылларга инфраструктура сайдыытын управлениетын начаалынньыгын э.т., Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын производственнай боппуруостарга уонна инфраструктураны сайыннарыыга солбуйааччынан, Покровскай куорат баһылыгын э.т. үлэлээбитэ. 2016-2019 сылларга -– Хаҥалас улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы.

2019 сыл бэс ыйыттан күн бүгүҥҥэ диэри корпоративнай биисинэс дириэктэринэн, корпоративнай биисинэс департаменын дириэктэринэн, «Алмазэргиэнбаан» АУо АКБ бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччынан үлэлээбитэ.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: